Рафаэль Багатаайыскай , Афанасий Арчылан
Алмаас уонна хара дьай
Алмаас уонна хара дьай
Лучше жить бедняком, чем разбогатеть с грехом.
1
Дьокуускай. Сайыҥҥы ып-ыраас күн сарсыардата. Үлэҕэ барыы үгэнэ. Дзержинскэй уулуссатын туораары үөмэхтэһэн турааччы дьон, күөх уот умайаатын кытта, бары биир киһи курдук уҥуор таластылар. Арай маҥан сэлээппэлээх биир хатыҥыр эмээхсин массыыналартан урут турар «шашка» ойуулаах бороҥ өҥнөөх «Волгаҕа», сэрэн диэбиттии, сөмүйэтин чочоҥолотон, суол ортотугар бытаара сырытта. Мылайбыт кэтит сирэйдээх таксист ол аайы, хата, кыһаллан да бэрт ылгын чыкыйынан, сүрэҕэлдьээбиттии, барбах, муннун эрэ хастар. Тахсыбыт дьон сорох өттө почтамт диэки туораары, эмиэ светофору өрө мыҥаата. Оттон баһыйар үксүлэрэ оптуобус тохтобулун диэки тиэтэйэ-саарайа хаамтылар. Кинилэри кытта бииргэ барсан испит бороҥ көстүүмнээх, хара ачыкылаах, уурбут-туппут курдук көрүҥнээх киһи эмискэ арахсан, эрчимнээхтик туора хааман, улахан халҕаны арыйаат, таас уораҕайга ньимис гынан хаалбытын өйдөөбөккө да хааллылар быһыылаах.
Саха АССР Государствоҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин промышленноска уонна экономикаҕа салаатын начальнига подполковник Чистяков ыҥыртаран ылбыт киһитин, Соттинцевы, чинчийэрдии сыныйан көрө-көрө, күөх сукуна бүрүөһүннээх остуолун хаҥас өттүгэр ыкса олорорго ыҥыран, эттээх халыҥ ытыһын нэлэс гыннарда.
Михаил Михайлович, туохха ыҥыртарбыппын эн, бука, сэрэйэр инигин?
Сүнньүнэн сэрэйэбин.
Чистяков, эмиэ тонолуппакка одуулуу-одуулуу, салгыы биир кэмник саҥаран барда:
Көмүс бириискэлэригэр чекист быһыытынан үчүгэйдик үлэлээбиккин билэбит. Онно олоҕураммыт, аны Севернэйдээҕи хайа комбинатыгар ыытарга быһаардыбыт. Чекист быһыытынан. Ол эн кистэлэҥ үлэҥ. Аһаҕас, көстөр-биллэр дьарыгыҥ комбинат генеральнай дириэктэрин солбуйааччы. Партия обкома сөбүлэҥин биэрдэ. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ генерал Горлицын дьаһалга хайыы-үйэ илии баттаата.
Өйдөөтүм, табаарыс подполковник, Соттинцев барбах кэҕис гынна, Чистяков биэрбит кумааҕытын ааҕан баран, илии баттаан эрилиттэ.
Севернэйгэ алмааһы уоруу тохтообот. Силиһэ дириҥ быһыылаах. Биир союзнай республикаҕа тиийэ барар курдук. Ону арыйар сорудаҕы толорооччулартан биирдэстэринэн эн буоллуҥ. Уоруйахтар олус киитэрэйдэр. Туохха да ылбычча киирэн биэрбэт кырдьаҕас бөрөлөр курдуктар, Чистяков күп-күөх харахтара, «саарбахтаама даҕаны» диэбиттии, уоттанан ыллылар, онтон мүчүк гынаат, салгыы саҥаран барда. Оттон эн, булчут саха удьуора, бөрөлөөх дойду киһитэ, хапкааны хайдах мэҥиэлээн, ханна иитэри билиэҥ диэн эрэнэбит. Онно «киинтэн» эмиэ киһи баара сэрэйиллэр. Кыһалҕа үөскээтэ даҕаны, эйигин булуохтара. Быһата, «биир төбө үчүгэй, икки төбө оннооҕор ордук» диэн.
Эһиги ааспыт да өттүгэр опердарга мэлдьи көмөлөһөр этигит. Онон уустук быһыыга соҕотох хаалыам суоҕа диэн эрэнэн туран сөбүлэһэбин.
Эппитим курдук, эн онно хайа специалиһын эрэ быґыытынан көстүөхтээххин.
Севернэй прокурорун кытта оскуолаҕа бииргэ үөрэммитим. Чугас доҕорум. Киниттэн сокуон өттүнэн сүбэлэтиэхпин сөп дуо?
Адьас көҥүллэммэт. Прокурор да киһи буоллаҕа. Холуочуйан эҥин баран айахтатан кэбиһиэн сөп. Доҕордоһуу диэн доҕордоһуу, үлэ диэн үлэ. Эйиэхэ бэриллибит сорудах чып кистэлэҥ. Эн арыгыны испэккин дии?
Суох. Ол эрээри, сорох киһи ис санаатын итирдэҕинэ эрэ аһар ээ. «Өйдөөх мэйиитигэр сылдьар санаа итирик тылын төрдүгэр баар» дииллэр.
Ол ханна, кими кытта иһэртэн тутулуктаах буолуоҕа. Оттон алмаас уоруйахтара ити өттүгэр дьиҥнээх «саһыллар». Отой судургутук киирэн биэриэхтэрэ суоҕа. Хата, кэргэниҥ хайдаҕый?
Махтал. Үчүгэй. Кини мин уҥа илиим. Көмүскэ Аллаах Үүнүнэн уонна Өймөкөөнүнэн сырыттахпына, хата, үгүстүк көмөлөспүтэ. Оннооҕор биир түгэҥҥэ уоруйахтар эргимтэлэригэр баар дьахталлары кытта билсэн, элбэх кистэлэҥнэрин билэн турар.
Ол аата үчүгэй! Мындыр кэргэннээх эбиккин. Чекист кэргэнэ эмиэ чекист буолуохтаах, Чистяков буспут сугун курдук хараҕынан сылаастык көрөр.
Чэ, көрүөҕүм, Соттинцев биллэ-биллибэттик үөһэ тыынан ылар. Бу сырыыга көмөлөһөр кыаҕа тиийэрэ дуу, суоҕа дуу? Бөрөлөр, саһыллар Адьырҕалары оннооҕор булчут сонордуура уустук. Бэйэтин былдьатыан сөп
Оннук. Олус уустук өттүгэр кытыара сатыаҥ суоҕа буоллаҕа дии. Биһиги үлэбит ымпыга-чымпыга, иирбэтэ-таарбата үгүс. Сорох түгэни сыыһа даҕаны өйдүөн эмиэ сөп.
Инньэ гынан көрүөм.
Михаил Михайлович, хата, алмаасчыттар ортолоруттан кистэлэҥ агеннарда була сатаа. Бастаан, чинчийэн, күүскэ үөрэтэн, сылыктаан, тургутан баран. Кубулҕакка түбэһэн хаалыаҥ. Биһиги сэрэйиибитинэн улахан бөлөҕүнэн уораллар быһыылаах.
Генеральнай дириэктэри кытта хайдах сыһыаннаһабыный?
Үлэ быһыытынан. Специалист эрэ курдук.
Кини уоруйахтары кытта ситимэ суох ини?
Чистяков, хонойо түһээт, тиэрэ түһэн олорон, илиилэрин даллатан, икки ытыһын нэлэс гыннарар:
Дьэ, ону чопчутун билбит суох. Барыта үчүгэйгэ дылы. Ол эрээри, «чуумпу чүөмпэҕэ абааһылар уйаланаллар» диэн өс номоҕун умнарбыт сатаммат.
Сибээһи хайдах олохтуубун?
Эмиэ урукку үгэспитин салгыыбыт. Эн миигин билбэккин, мин эйигин билбэппин.
Оччоҕо төлөпүөн көҥүллэммэт?
Суох, табаарыс капитан.
Оттон сүбэлэтэ, быһаарса охсор суһал кыһалҕа үөскээтэҕинэ хайыыбын?
Онно да миэхэ быһаччы тахсыбаккын. Баҕар, уоруйахтар төлөпүөнү кистээн истэр тэриллээх тас дойдулар кистэлэҥ сулууспаларын кытта ситимнээх буолуохтарын сөп. Оннуктар баалларын кыл түгэҥҥэ да умнуо суохтаахпыт. Алмаас промышленноһыгар интэриэс олус улахан. Онон сибээһи обком нөҥүө эрэ олохтуохтаахпыт. Миряев өйдөөх уонна чиҥ майгылаах киһи. Бэйэтэ сэрии кэмигэр Кытайга кистэлэҥ үлэҕэ сылдьыбыта Дьэ, олус улахан кыһалҕа үөскээтэҕинэ эрэ, обкомҥа партийнай хайысханан эбэтэр промышленность министиэристибэтигэр наадыйбыт аатыран, командировкаҕа кэлиэхтээххин. Уонна туох ыйытыылардааххын?
Билиҥҥитэ бүттүм.
Чэ, сөп. Аны мин эйиэхэ промышленноска сыһыаннаах кистэлэҥ үлэ саҥа ньымаларын уонна биһиги илиибитигэр баар информацияны кытта билиһиннэриим. Онтон лоп курдук 12 чааска генерал Горлицыҥҥа киириэхпит.
* * *
Сарсыныгар чопчу этиллибит кэмҥэ Соттинцев «үрүҥ дьиэҕэ» барда. Дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар партия обкомун саҥа дьиэтин ити курдук ааттыыллар. Онно, бука, бу Ленин болуоссатыгар турар дьиэ, чахчыта, үрүҥ өҥнөөҕү эрэ буолбакка, АХШ президенин ордуута Үрүҥ дьиэ диэн ааттанара кырата суох суолталаннаҕа буолуо. Быһата, Америка сабыдыала итиннэ кытта көстөр
Тас аантан хаҥас ойоҕоско турар кыра хоско киирэн, саҥата суох докумуонун биэрбитигэр, тоһоҕону ыйыстыбыт курдук көнөччү туттан олорор саас ортолоох дьахтар, ачыкытын үрдүнэн сэмээр одуулуу-одуулуу, толоро олорор сурунаалын быыһыттан түргэнник була охсон, эрдэ суруллубут көҥүлү туттарда. Дьахтар интэриэһиргээбит хараҕынан сирдэттэххэ, күн ахсын итинник дьаһамматтар быһыылаах.
Соттинцев көҥүлүн харабылга турар милииссийэҕэ көрдөрөн баран, үөһээ этээскэ тахсан, урут сылдьыбыт буолан, этиллибит кабинекка чопчу тиийдэ. Балтыһахтыы тардыллыбыт күөх сукуна бүрүөһүннээх остуол таһыгар турар, кабинет хаһаайына ыйбыт олоппоһугар олорунан кэбистэ.
Партия обкомун промышленноска сэкирэтээрэ Горнаков бэрт тупсаҕайдык бааллыбыт хаалтыстаах, сэргэх сэбэрэлээх саха киһитин астыммыттыы көрө-көрө:
Үлэҥ сүнньүнэн Миниистирдэр Сэбиэттэрин промышленноска салаатыгар уонна атын туһааннаах сиргэ бэйэлэрин сүбэлэрин биэрбит буолуохтаахтар, диэтэ.