Дьон холбоһуктааһыҥҥа сыһыана эриэ-дэхситэ суох. Сорохтор бэйэлэрэ дьаһанан олороллорун ордороллор. Табаарыстыбаҕа, артыалга, холкуоска киирэр буоллаххына, сүөһүгүн-сылгыгын, аккын-оҕускун, булууккун-боронньугун, атын баайгын-тойгун холбоотоххуна сатанар.
Онно эбии «улуустарын эмиэ өрө-таҥнары тутан, нэһилиэктэри онно-манна тыыраары гыммыттар үһү» диэн сурах иһиллэр. Туох эрэ «оройуон» эҥин дэһэллэр. Иллэрээ сыллаахха Бүлүү куорат куппуулара Тоҕус нэһилиэгиттэн Быкалыыраптары уонна хас даҕаны киһини «холкуоһу утардылар», «куорҕаллаатылар» диэн тоҕус сордорун сордообуттар. Оттон ааспыт сайын дьөккөннөртөн Күөгэлэптэри кытта хас даҕаны киһини, итиэннэ баппаҕаайылартан, бөкчөҥөөлөртөн кимнээҕи эрэ эмиэ тутан хаайбыттарын туһунан кэпсээн тарҕаабыта
Хайдах-хайдах олох салаллан иһээхтиирэ эбитэ буолла Түөрт сыллааҕыта, Харбалаах Тэптигэнигэр олордохторуна, саас баччаларга хомсомуоллар Бүлүү куоратыгар таҥара дьиэтин куупалын уонна куолакалын суулларбыттарын туһунан дьулаан сурах кэлбитэ. Ол чахчы эбит этэ
Кэтэҕэр тарда бааммыт маҥан былаатын курдук ньыламан субалаах, ис киирбэх быһыылаах-таһаалаах эдэрчи дьахтар, симии оһох иннигэр балык хатырыктыы олорон, уҥа илиитигэр тута сылдьар быһыччатын балыктаах мас нэлэгэргэ ууран баран, ытыһын көхсүнэн сүүһүн туора соттон ылла уонна, талах олоппоһуттан туран, таҥара холоруга туруохтаах уҥа муннугун диэки хайыһан иһэн, тохтуу биэрэн, утуйар оронноро турар быыстарын диэки эргиллэн:
Айыы тойон таҥара, илгэлээх үтүөҕүнэн көмүскээ, быыһаа, абыраа уонна араҥаччылаа биһигини диэн ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.
Онтон оннугар олорон соботун ыраастаан барда.
Ити аата кини оронугар сыттыгын анныгар сытар таҥара күлүгэр үҥтэ. Аныгы сэбиэскэй олоххо дьиэҕэ таҥара күлүгүн тутар көҥүллэммэт. Нэһилиэк сэбиэтэ дуу, атын ким дуу көрдөҕүнэ, сэмэлээх-суҥхалаах, аахсыылаах, сирэй-харах анньыылаах буолуоҕун сөп.
Хата, бу кинилэргэ Кыадаҥда, Чочу диэки оннук айылаах тутуу-хабыы, баайсыы-тутуһуу, үҥсүү-харсыы билиҥҥитэ суохха дылы. Сыдыбылга табаарыстыба, онтон «Пиэнньэр» диэн артыал тэриллибитэ. Кыадаҥдалар «Ыччат суола» диэн артыалга киирбиттэрэ этэ. Сыралтаҕа «Пиэрибэй Маай» диэн холкуос баар буолбута. Онтон, бөдөҥсүйэн, бары холбоһон, «Пиэрибэй Маай» диэн буоллулар. Бэрэссэдээтэлинэн Уоһук Чирээйэби талбыттара. Үөрэхтээх киһи. Нууччалыы добдугураччы саҥарар дииллэр. Сураҕа, өрөбөлүүссүйэ иннинэ соҕуруу Хасаан диэн куоракка эмчиккэ үөрэммит үһү. Онно киһи өлүгүн көрдөрөллөр-хайыыллар эбит. Үөрэҕин ол дьулаанын, хаанын-сэймэгин тулуйбакка бырахпыт дииллэр эрээри, бэйэтэ, эриличчи көрөн, тор курдук бытыга харааран, бэрт кытаанах уонна дьиппиэ киһи. Дьону салайар тойон оннук буоллаҕына даҕаны сатанара дуу Ыал ыалы хамсатан, дьону түмэн, Сыдыбылга холкуос ампаардарын, улахан хотоннорун туттарда. Күрүө-хаһаа, суол-иис, бурдук сирин солотуу туһунан этэ даҕаны барбаккын. Өссө норуот дьиэтин, кулууп диэни, туттара сылдьар. Үс хостоох улахан дьиэ буолуохтаах үһү. Дьэ, сүрдээх дии Ити үлүгэрдээх үлэ сыанан-арыынан аҕаабата чахчы. Үнүрүүн Баһылайкаан оҕонньор Дүндү ыалыгар ааһан иһэн таарыйбыта, онно сөҕө-махтайа, эмиэ даҕаны толло: «Уоһук ат миинэ сылдьарын көрбөккүн кэриэтэ, холкуос хонтуоратыгар даҕаны олорбот, хара тирии хаппарын санныгар сүгэн баран, эт атаҕынан кэрийэн, үлэни-хамнаһы тэрийэр, итиэннэ бу быыччыга!» диэн кэпсээбитэ.
Мотуруона, Тэптигин сайылыгар Дабыыты көрсөн, холбоһон, манна Күндэҕэ кэлэн олохсуйбуттарын сөбүлүүр. Дойдута буоллаҕа дии. Бүлүү куоракка дуу, Үөһээ Бүлүү улууһугар дуу олорбуттарын курдук буолбатах. Манна кэлэн, бу дьонун балаҕаннарыгар, хата, таҥара көмөтүнэн, быр бааччы олороллор
Ол Чөҥкөрөҕө олордохторун дьыл Бүлүү куораттан «кыһыл кибииккэлэр» диэннэр тэриллэн кэлэннэр, бу эргин ыал ыалы, түбэ түбэни бүтүннүү тилийэ сылдьыбыттар этэ. Луохтуур кыргыттар дьон туругун көрбүттэр-истибиттэр, ырааска-чэнчискэ уһуйбуттар. Ол сытыы-хотуу хомсомуол кыргыттар балаҕантан хотону араарар туһугар олохтоох дьахталлары кытта улахан кэпсэтиини ыыппыттар, мунньахтары тэрийбиттэр уонна нэһилиэктэргэ сэбиэт, хомсомуол, дьахтар сэбиэтэ күүстээх үлэни ыыталларын ирдээбиттэр. Онон Мотуруоналаах, көһөн кэлээт, дьоннорун балаҕаныттан хотону тута араарбыттара.
Дьиҥэр, балаҕаммыт хотон салҕааһыннааҕа эмиэ кыһалҕаттан ээ. Ол иһин даҕаны бу дьаһалы ордук хото дьахталлар утарсыбыттара. Дьахтар күннээҕи үлэтигэр-хамнаһыгар хотон сыста турара олус табыгастаах: таҥаскын хос-хос уларыппаккын, халтай хаамыыҥ аччыыр, иһирдьэ-таһырдьа киирэн-тахсан ааны аргыппаккын, дьиэни тымныппаккын. Сүөһүҥ хайдах турарын истэ-билэ тураҕын, биир эмэ кэйиик кунан босхо баран хааллаҕына иэдээн дии! Итинник кэтэбил-манабыл ордук ынах төрүүр кэмигэр суолталаах. Аны ынах ыыр-хайыыр кэмҥэр дьиэҕэ оҕолор хайдах олороллорун эмиэ сэмээр истэ сылдьаҕын. Итиэннэ туспа турар хотон тымныыта сыттаҕа, сүөһү барахсан эмиэ тоҥор, тымныйан ыалдьар, дьаҥҥа хаптарар буоллаҕа. Аҥаардас сүөһү тыынынан хотон төһө-хачча сылыйыаҕай? Эбэтэр ким хотонугар оһох туруоруо дуу? Онно оттук мас бэлэмэ, оттуута, көрүүтэ-истиитэ Абытай эбээт Оттон хотон салҕааһыннаах балаҕан бэйэтэ да сылааһы быдан тутар буолан, оттук кэмчилэнэр хата, хоту эркин тыал-куус охсуута диэни төрүт билбэт буоллаҕа
Мотуруона балыгын ыраастаан, үөстээн бүтэн, обургу күөскэ буһара уурда. Онтон, илиитин сайҕанан, үгэххэ тахсан, сарсыарда боччукка холбуйан ылбыт чөчөгөйүн киллэрдэ. Онтун кытыйаҕа кутан, үс атахтаах төгүрүк остуолга ууран, олоппоско олорон дагдалаан барда. Ол гынан, дагдата көбөөн, тахсан истэҕин аайы, сирэйэ-хараҕа ону кытта тэҥҥэ сыдьаайан иһэргэ дылы буолан, күөрчэх ытыгын эргииригэр дьүөрэлээн, доҕуһуоллатан ыллаан киҥинэйдэ.
Ити кэмҥэ балаҕан халҕана тэлэллэ биэрдэ. Туохтан эрэ олус абаккарбыт-кыыһырбыт көрүҥнээх, хойуу хаастара түрдэччи сабыстыбыт, быччаччы, күлтэччи көрбүт уола, хара баттаҕа арбайан-сарбайан, кулгаахтара таллайан, көтөн түстэ.
Тоойуом, Тоҥсуо, хайа, бу хантан аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн кэллиҥ? Туох буолла? Мотуруона, ымманыйа мичээрбитин кистии, намыыннык ыйытта.
Тоҥсуо, турулус-ирилис көрөн, далбаатана-далбаатана:
Кинилэр кинилэр миигин «Хонооску уола» диэтилэр!.. диэн ис-иһиттэн уордайан төлүтэ биэрэн хоруйдаата.
Мотуруона били ымманыйбыта, ньуолах түүнү силлиэ илдьэ барбытыныы, биирдэ мэлис гынан хаалла кубарыс гынаат, ытыгын кытыйатыгар төлө тутта, субу аҕай тэрбэйэ оонньообут кыламаннарын умса түһэрэн, төбөтүн хоҥкутта, санныларын кумутта.
Уол, ону көрөн, ах барда:
Ийээ, ийээ, туох буоллуҥ?..
Дьахтар, курустук өрө тыынаат, утары хааман тиийэн, уолун түөһүгэр сыһыары тардан ылла, итиэннэ:
Оттон, тоойуом, Хонооску эн дьиҥнээх айбыт аҕаҥ эбээт диэн баран, уолун кытаанах будьурхай баттаҕын имэрийдэ.
Истиэм эрэ диэбэтэҕин истэн, соһуйан, уолчаан хараҕа эбии быччайда.
Ол хайдах оннук?! диэтэ, онтон ийэтин илиититтэн төбөтүн арааран, өһөспүт борооскулуу, сургуччу көрөн күлтэриҥнээтэ. Кини кини өрүтэ бөтүөхтүү-бөтүөхтүү саҥарда. Кини буор хаартыһыт уонна күөх көппө дии! Син биир ити мээнэ ону-маны баллыгырыыр Байбааскы оҕонньор курдук!
Ол Байбааскыбыт оннук айылаах оҕонньор буолбата ини?.. Мотуруона уолун уоскутаары, аралдьытаары тыл кыбытан көрдө эрээри, биирдэрэ соччо-бачча уоскуйар санаата суох буолан биэрдэ.
Кыҥнары Кынаачайдаах ампаардарын иннигэр мустан олороллор. Уоллара Уйбааскы ыҥырбытыгар ыт оҕото көрөөрү сылдьыбытым. Аттыларынан ааһан истэхпинэ, ол Байбааскы оҕонньор таба көрөн: «Һок-сии! Адьас аҕатын курдук уол дии! Хонооску илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ диэтим эбээт!» дии-дии күлэн күллэрэстиир. Түөһэйээри гыммыт быһыылаах! Ол сымыйата дии, ийээ? уолчаан ийэтин сирэйин өрө мыҥаата. Хайдах оннук буолуоҕай?.. саҥата титирэстээн ылла. Кини, ол Хонооску, киһиргэс дии! Күөх сүрэх! Күөх көппө! Хаабы аҕата Уоһук, холкуоспут бэрэссэдээтэлэ, Байбааскыны этэрин курдук! мунньахха уоттаах-төлөннөөх араатардар далбааталаналларын курдук омуннаахтык уҥа-хаҥас далбаатанна. Мин кинилэргэ сонно тута: «Ханнык даҕаны Хонооску уола буолбатахпын!» диэн хаһыытаан бытарыппытым. Оттон кинилэр күлэн алларастаһаллар. Өссө Байбааскы баҕайы, чүрүччү көрө-көрө: «Тоҕо да бэрдэй! Үкчү Хонооску курдук омуна-төлөнө оргуйан олорор!» дии-дии күһүгүрүүр. Кинилэр, кини Хонооскулуун, албынчык саһыллар дии! Мэлдьи албыннаан, түөкэйдээн тахсаллар дии! Тыалырбалар! Оннук дии, ийэкээ?! уолчаан ийэтин илиитин харбаан ылла. Ити кинилэр түөкүннэрэ дии? Суох?.. Суох илиилэрин арааран, санньыччы түһэрэн, сукуччу туттан, атах ороҥҥо тиийэн, икки илиитинэн төбөтүн саба туттан умса түһэн олордо.