Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Гуринов Афанасий Гаврильевич страница 3.

Шрифт
Фон

Ийэтэ уолугар тиийэн сэргэстэстэ уонна тугу даҕаны саҥарбакка саба кууһан ылла.

Иккиэннэрин саннылара дьигиҥнээн, оннук чочумча куустуһан олордулар. Уу чуумпу буолла.

Онтон Тоҥсуо ытаан сыҥыргыырын быыһыгар бөтөн ыла-ыла сыҥсыйара иһилиннэ.

Мотуруона, төбөтүн көтөҕөн, былаатын көннөрүннэ, уһугунан хараҕын сотунна, онтон уолун кууһан ылан, төбөтүн оройуттан сымнаҕастык сыллаата.

 Чэ, сөп. Барытын кырдьыгынан кэпсиэм. Кини, кырдьык, эн айбыт аҕаҥ. Ойохтонон, оҕолонон да баран, кини майгыта уларыйбатаҕа, дьаллыгын хаалларбатаҕа. Бэйэҥ даҕаны билэриҥ курдук, кини  буор хаартыһыт, биэс уон икки күлэр эмэгэккэ кутун туура сүүйтэрбит сордоох. Оо, айыы тойон таҥара, быыһаа дуу муммут сордоох дууһатын,  Мотуруона кириэстэннэ.  Оннук эрдээх, аҕалаах ыал олоҕо туох аанньа буолуоҕай? Эн төрөппүт ийэҥ, убайдарыҥ, эдьиийдэриҥ эрэй бөҕөтүн көрөн олорбуттара Билигин даҕаны оннук олордохторо буолуо Оттон эйигин киниттэн биир түбэлтэ араарбыта. Хонооску биирдэ улаханнык сүүйтэрэ сылдьар кэмигэр иитэ ылбыт аҕаҕынан эһэҥ Куйуһутар Уйбаан киниттэн эйигин көрдөөбүт. Биһиги иитиэх аҕаҕыныын Мэхээстиин оҕото суох этибит уонна онтон олус санааргыырбыт. Урут оҕону итинник иитиэххэ биэрии, ылыы үгүс буолааччы. Ордук аймахтар ыккардыларыгар. Биһиги даҕаны Хонооскулуун ырааҕынан аймахтыыбыт ээ. Хонооску, хата, сөбүлэспит этэ. Кинилэр оччолорго биһигиттэн биир көстөөх сиргэ олороллоро. Чочу эбэтин чугаһынааҕы алааска. Сааһыары, кулун тутарга, миҥэ атынан эйигин тымтайга ындан аҕалбыта. Көр, оннук тымтайга,  Мотуруона сибилигин аҕай балык ылан ыраастаабыт чарт тымтайын ыйда.

Тоҥсуо, төбөтүн көтөҕөн, тымтайы көрдө.

 Дьэ, эн итинник биһиктээх этиҥ,  ийэ уола арыый уоскуйбутун көрөн мичээрдээтэ.

 Ама дуу?!  Тоҥсуо чахчы соһуйда.  Бу балык тымтайа дии!

 Балык-балык киэнэ. Ол эрэн, эн ханнык даҕаны балык буолбатаххын. Эн мин хотой муруннаах Тоҥсуом буолаҕын,  Мотуруона, сэрэниин-сэрэнэн, сөмүйэтинэн уолун тоҥсоҕор муннун устун хоппоҕор хоҥуруутуттан саҕалаан аллара сүүртэ.  Онно, тымтайтан эйигин ыламмын, хас эмэ хос сууламмыт куобах суорҕаҥҥын сүөрбүппэр сүрэҕим бип-битигирэччи тэбэн, аһыйа-курулуйа нүөлүйэн букатын даҕаны тохтуу сыспыта ээ. Ол да буолларбын миигиттэн ордук дьоллоох дьахтар онно суох курдуга. Олус даа дьолломмутум. Онтон ыла эн миэхэ наһаа чугас, наһаа истиҥ киһим буолбутуҥ, Тоҥсуо

 Ийээ, онтон ыла эн миэхэ эмиэ  Тоҥсуо ытыһынан ийэтин хараҕар чаҕылыһа бычалыйан тахсан сэҥийэтин устун сүүрбүт таммахтары сотто, онтон, эмискэ ыга кууһан ылаат, түөһүгэр сыһынна.  Ийээ

Кинилэр икки ардыларыгар баар кут-сүр ситимэ бу түгэҥҥэ хаһан даҕаны быстыбаттыы, симэлийбэттии бөҕөргөөбүтэ, чиҥээбитэ. Ону бэйэлэрэ, бу икки удьуор-хаан ситимэ суох дьон, эт мэйиилэринэн илэ бааччы арааран, ырыҥалаан өйдүүрүн өйдөөбөтөхтөрө эрээри, сүрэхтэрэ, ону сэрэйэн, онтон үөрэн, биир тэҥҥэ тиҥиргэччи тэппитэ

Кинилэр дьол биир кырках былыта суох ып-ыраас халлаанын устун, ырыалаах чыычаах буолан, тырыбыныы-тарыбыныы тайаарбыт куттара, таһырдьа ким эрэ кэлбит тыаһа иһиллибитигэр эрэ, эмискэ кэҥээн, сырдаан хаалбыкка дылы буолбут балаҕаннарыгар төттөрү кэлбитэ.

 Тоҥсуо, бардыбыт! Ыксаа-ыксаа!  сэгэйэн турар аан таһыттан уол оҕо хатан саҥата иһиллибитэ.

Тоҥсуо, ийэтин иилии кууспут илиититтэн сымсатык аллара ньылбыс гынан, түргэн үлүгэрдик ойон туран, икки ытыһынан сирэйин ньухханна, ырбаахытын аллара тардынан көннөрүннэ.

 Ити Хаабы кэллэ. Биһиги кинилиин Чыбыыдаҕа күөгүлүү барабыт.

 Бэйи, тохтуу түс,  Мотуруона, эмиэ тура охсон, хайыы үйэ аан диэки ыстаныахча буолбут уолун сиэҕиттэн тарта.  Мин билигин өйүө-тайаа тэрийэ охсуом.

Ийэтэ, чэпчэкитик элэстэнэн, тууйас ылан, арыылаах лэппиэскэ, үөлүллүбүт балык ууран уолугар уунна.

 Бу маны ханна уктабын? Тута сылдьабын дуо?  Тоҥсуо ийэтин диэки ыйыппыттыы көрдө.  Уонна Хаабы өйүө ылбыта буолуо.

 Оо, дьэ, Тоҥсуо-о  ийэтэ күллэ.  Атын киһи өйүөтүн өлүүлэһээри гынныҥ дуо? Хайдах оннук сатаныаҕай?

 Оттон кини мин доҕорум дии.

 Доҕоруҥ даҕаны буоллунууй. Син биир сатамньыта суох. Хайа, уонна үчүгэй булчут-алчыт булгуччу бэйэтэ өйүөлээх-ыһыктаах буолуохтаах буоллаҕа. Атын киһи халаабыһын манаабат курдук. Аһаабакка, сэниэ киллэриммэккэ сылдьан тугу бултуоххунуй? Оннук булчут баар үһү дуо? Төттөрүтүн, булчут бэйэтэ кыттыгас астаах, дьону кытта үллэстэрдээх буолуохтаах. Итиннэ чаампыга аан чанчыгар халаабыс баар, онно уктаар.

 Чэ, сөп-сөп.

Тоҥсуо тууйаһын туппутунан таһырдьа ыстанан истэҕинэ, ийэтэ көхөттөн халтаҥ сон ылан, уолун санныгар иилэ бырахта.

 Киэһэ үрэххэ сөрүүн буолуо. Сүгэһэргэр уктан илдьэ бараар. Уонна дал түптэтигэр киитэ быраҕан ааһаарыҥ.

 Сөп-сөп,  Тоҥсуо тилэҕэ эрэ көстөн хаалла.

Мотуруона остуолга кэлэн олордо уонна кытыйаттан ытыгын ылан лэппиэскэнэн ньиккийдэ

«Күөрчэх-күөрчэх» диэн баран, онтун да сиэбэккэ, ыстаннаҕа ити Дьэ, чахчы, омуна-төлөнө, сыыдама-сулбута Хонооску обургуну санатар Ол эрэн, кини адьас атын киһи буолуоҕа. Мэхээс ыраламмытын курдук киһи бэрдэ, хоһууна буолуоҕа. Оо, Мэхээс биһикки уолланан бараммыт дьоллоннубут даҕаны этэ. Ол иннинэ оҕо кутун тартара сатаан да биэрдибит этэ. Тоҥсуо кинини өйдүүбүн диир ээ. «Табах сыттаах уп-улахан, кэп-кэтит ытыстааҕа»,  диир Бэйэтэ ол кэмҥэ түөрдүгэр сылдьар этэ, онон үксүн сүрэҕинэн таайан эрэ өйдүүр буолуохтаах. Ол хара дьайдаах күн, таайбыт курдук, олус дьиктитэ. Аҕатын эргэ хамсатын булан оборон соппой да соппой буолбута. Хамсатын биэрэр аата диэн суоҕа. Онтон аны муҥхаалланан, устунан ытаан ахан турбута. Дьэ, ору-сары бөҕөтө этэ. Оҕо түүйэрэ диэн, дьэ, сүрдээх. Бары даҕаны сүрэхпитигэр ыттарбыппыт. Тойонум оҕонньор уонна Мэхээс икки балыстара бааллара. Ол киэһэ Мэхээһи, хайыы үйэ өлбүт киһини, тиэйэн аҕалбыттара. Сордооҕум эбэ бэрэтигэр муус көҥнөн былдьанаахтаабыт этэ Саҥардыы турбут чараас мууска сэрэниэн сөбө даҕаны Тоҕо онно киирбитин ким-туох билиэ баарай?.. Дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа Түһэн баран, быһаҕын кыыныттан хостоон, мууска батары биэрэн, онтон тардыһан тахса сатаабыт Тымныы ууга киһи төһө өр тулуйуой?.. Чааха оҕонньор уолунаан, туһахтарыттан, сохсолоруттан кэлэн иһэн көрөн, барбах тыынан суккуруур, бүтүннүү көһүйбүт киһини хостообуттар Тута онно быстаахтаабыт Сордооҕум муустан кытаахтаһан тахса сатыырыгар төһө эрэ көмөҕө ыҥыран хаһыытаата буолла?.. Ол барыта уйан, чараас куттаах Тоҥсуо сүрэҕэр тиийээхтээтэҕэ

Мотуруонаны аһыы-курас санаатыттан арааран, эмискэ таһырдьа ыт үрэрэ иһилиннэ.

Ким эрэ кэллэ дуу?.. Тоҥсуо, сырсыбатын диэн, ытын баайан хаалларбыт буоллаҕа

Дьахтар былаатын көннөрүннэ уонна, чох тардан, холумтаҥҥа турар чаанньыгы ылан, таҕааҥҥа туруорда.

Аан арыллыбытыгар саас ортолоох, от күөҕэ былаатын төбөтүгэр эрийэ бааммыт дьахтар киирэн кэлэн, тута сылдьар хара кыллаах дэйбииринэн дьалбыйда.

 Дьаҥы-дьайы таҥнары дьалбыйдаҕым, туора силэйдэҕим буолуохтун! Туох сонун, Мотуруона? Кэпсиэ!  халтаҥ сонун уонна тирии хаппарын көхөҕө ыйаата.

 Улахан сонун суох. Эн кэпсиэ? Биһиэхэ барыта кэммитинэн. Бээ, билигин чэйбин аҕалыам. Эн манна аас, эдьиэй,  Мотуруона киирбит дьахтары биллэрик олоххо ыҥырда уонна оһоҕор чэйин ыла барда.

Бу «эдьиэй» диэбит дьахтара киниэхэ төһө-хачча эдьиий буоларын, дьиҥэр, Мотуруона билбэт, ырааҕынан ханан эмэ биир хаан хабыылаах, биир тымыр-сыдьаан тардыылаах буолуохтарын сөп  биир түбэ дьоно буоллахтара. Ол эрээри бу түбэлтэҕэ ол туох даҕаны суолтата суох. Чугас эргин дьон барыта бу, мэктиэтигэр, сорох түгэҥҥэ кыым сардыргыырга дылы сытыы чоккуруос харахтаах, уҥа иэдэһигэр биэстээх алтан кэппиэйкэ саҕа төп-төгүрүк мэҥнээх дьахтары «эдьиэйтэн» атыннык ааттаабат. Бэл, бэйэтиттэн лаппа саастаах кырдьаҕастар оннук дииллэр. Оттон бэйэлэрин ыккардыларыгар сэмээр Эдьиий Даайа диэн ааттаан кэпсэтэллэр.

Ваша оценка очень важна

0
Шрифт
Фон

Помогите Вашим друзьям узнать о библиотеке

Популярные книги автора