– Тукаам, бэйэҥ кыаххынан көрөн ылыаххын, – Марыына сиэнин аһыммыт уонна таптаабыт хараҕынан көрө-көрө, сэмэлээн дуу, сүбэлээн дуу унаарытта.
– Бэргэһэм дии, барыта… – уол хардаҕастары сааһылыы сылдьан, кырдьыгын таһаарына оҕуста.
– Оттон ол бэргэһэни эн төбөҕөр ким кэтэрдибитэ эбитэ буолла?! – Марыына суос-сымыйанан мунаарбыта буолла. – Ыксалыҥ бөҕө…
Дьулусхаан буруйдаммыттыы кэтэҕин куучур-хаачыр тарбанна.
Чэй иһэн бурулата олорор Миитэрэй ону иилэ хабан:
– Оттон били муултуктарбыт-киинэлэрбит атахтанан куотан хаалыахтара турдаҕа эбээт. Бу киһи аны кэтэҕин тэһэ тарбаары гынна. Чэ, кэл, хата, итинник өлө-тиллэ үлэлиир көмөлөһөөччүбүн, ньымааттаһа таарыйа, кэмпиэтинэн күндүлүү оҕустахпына сатаныыһы, – дии-дии хаадьылаан мүчүҥнээтэ.
– Ити киһиҥ бүгүн эйигиттэн көрдөһүүлээх кэлэн турар. Миигиттэн ыйыталаһа сатаабыта да… – Марыына илиитинэн сапсыйан кэбистэ. – Туһа мэлигир. Онон, Миитэрэй Ыстапаанабыс, Дьулуһуҥ көрдөһүүтүн истээр эрэ. Мин хотоҥҥо таҕыстым.
– Дьэ эрэ, доҕор, ол туох көрдөһүүлээххин? – Миитэрэй саалаҕа алтахтаан киирэн, дьыбааны ойоҕолуу турар кириэһилэҕэ дьобуччу түстэ. – Итиннээҥҥи уоту саба тутан баран, манна кэлэн олор.
– Учууталбыт Инаара Дьууровна Дьыл оҕуһун туһунан дьоҥҥутуттан билэн кэлээриҥ диэбитэ. Ону эбэм Миитэрэй Ыстапаанабыстан ыйытаар диир дии, – уол мин онно сыһыаным соччо суох диэбиттии, түннүгүнэн боруктуйан эрэр таһырдьаны көрүөлээбитэ буолла.
– Чэ, оччоҕо иһит, – оҕонньор бра уотун арааран тас гыннарда, – маннык кэпсэтиини имик-самыкка олорон ыыттахха тиийимтиэ буолааччы. Бу номоҕу мин эмиэ эн курдук уончалаах сылдьан истибитим.
Хас сыл аайы саҥа кэлэр дьыл анал оҕустаах буолар дииллэр[1]. Ол оҕустар бары ыраас хаар курдук мап-маҥан, сири сиппийэ сылдьар уһун түүлээхтэр үһү. Күн уота түүлэрин быыһыгар, хаар кыырпаҕар кылабачыйа оонньуурун курдук, киһи хараҕа саатар гына сытыытык күлүмүрдүүр, дьиримниир эбит, ол иһин кинилэри көннөрү киһи ханна да, хаһан да илэ бэйэлэрин таба көрө илик. Ол тымныы тыыннаах көстүбэт оҕус кутуругунан оонньоотоҕуна, халлаан оройугар диэри араас өҥнөөх сардаҥалар сырдьыгыныы-сырдьыгыныы сырсаллар эбит. Оттон, атыыр оҕус мөҥүрүү-мөҥүрүү буору хаһарын курдук, хаары хаһан бурҕаҥнаттаҕына – хаардаах тымныы силлиэ ытыллар, сылайан сыттаҕына, тохтоон уоскуйдаҕына – сылаас, сымнаҕас күннэр кэлэллэр.
Күһүн кэлиитэ хоту диэкиттэн хоҥнон, сайыҥҥы от-мас быыһыгар саһан-хорҕойон, сииккэ-симэххэ силигилээн, наһаа хойдубут быртаҕы-быдьары, үөнү-көйүүрү тымныы тыынынан тоҥортоон, аһара баралларын, олус дэлэйэллэрин уодьуганныыр аналлаах эбит. Биир ыйга бу оҕус биир саастанар, икки ыйга икки саастанар. Алтынньы ыйга алталаах аарыма оҕус буолар, сэтинньи ыйга ситэн-хотон сириэдийэр. Ахсынньы ыйга аам-даам тымныыны түһэрэн, тохсунньу ыйга тоһуттаҕас тымныыны туругурдан, сири-дойдуну сиһик үөһүн кэриэтэ ыбылы тоҥороору, үүнэр үүнээйини имири эһээри хаайар эбит. Ол курдук улааттаҕын аайы улам киҥэ-наара холлон, киэбэ-быһыыта тырыттан, майгыта-сигилитэ алдьанан иһэр кэмэлдьилээх эбит, бу оҕуһуҥ баара.
Хас биирдии дьыл бэйэтин аналлаах оҕуһа бөдөҥнөрүнэн, тыйыс тымныы тыынын иҥэринэн илдьэ сылдьар муостарын улаханынан уратылардаах буолар үһү. Сороҕор сөбүгэр соҕус бөдөҥ, уһун хороҕор сытыы муостаах, сороҕор аһара бөдөҥ, ураа-лаҥкыр муостаах. Онтон тутулуктаах буолар эбит, сыл устатыгар тымныы төһө күүскэ, төһө уһуннук түһэрэ.
Миитэрэй болҕойуоҕунан болҕойон, дьыбааны кытта дьыбаан буолан ньим барбыт уолу кэрэхсээбиттии көрөн аһарда (өссө даҕаны былыргы, устар ууну сомоҕолоон сэһэргиир тобоҕо баар эбит ээ!) уонна, бытыгын имэринэ-имэринэ, өссө ордук итийэн-кутуйан, салгыы кэпсээн доллоһутан барда.
– Дьэ, ахсынньыга-тохсунньуга наһаа барар, туһалыырын оннугар иэдээн эҥээрдэнэр Дьыл оҕуһун дьаһайар кыахтаах аан дойду үрдүнэн суос-соҕотох күүс баар – ол Хоноһо Хоһуун. Дьылҕалара буолан, оҕустар: «Хонор-сытар сирбитин Хоноһо таба тайанан хоолдьукпутун толкуйан, суорума суоллуо», – диэн мэлдьи куттанан көһө, сир уларыта сылдьаллар эбит. Онтон сылтаан, тымныы сир-дойду үрдүнэн хаһан да эриэ-дэхси буолбат. Ол даа буоллар, Хоноһо Хоһуун Дьыл оҕуһун тоҥ суолун тордоон, хардыылаабыт суолун хайан, тохсунньу бүтүүтүгэр булан ылар уонна эккирэтэ сылдьан үлтү кулаан барар. Онуоха оҕус, охсулуннаҕын аайы муоһа доргуйан, кыыһырбыт-абарбыт омунугар төбөтүн быһа илгиһиннэҕин аайы тымныы ордук сэтэрээн-кыйыдыйан ылаттыыр. Биир муоһун туура дайбатаат, хараҥанан хаххаланан, туманынан дугуйданан, мүччү туттаран, саһан-бүгэн хааллаҕына – тымныы аҕырыс гынан сымнаан ылар, оттон Хоноһо тоҕоостоох түгэн биэрбэккэ, биир кэм күөйэ көтө сылдьан кулаабытын курдук кулуу сырыттаҕына – иккис муос булгу охсуллуор диэри тымныы кыратык мөлтүүр эрэ курдук.
Иккис муос тостубутун кэннэ иккиэн даҕаны, тыын ыла түһээри уоскуйан ылаллар, оҕус кыаҕа ахсаабыта таайан, тымныы налыйан барар. Ол даа буоллар, олунньу бүтүүтэ быһаарыылаах киирсии буолар. Онно эмиэ биллэ тымныйар. Бу бүгүҥҥү курдук. Бүгүн-сарсын Хоноһо Хоһуун Дьыл оҕуһун моонньоох баһын быһа охсуохтаах. Уонна: «Көтөр-сүүрэр сиэҥэ, үөн-көйүүр үтэтэ буол, былыкка бытан, сииккэ симэлий!» – диэт, аналын толорбут киһи быһыытынан, күүс-сэниэ ылына буоллаҕа буолуо, баран хаалар.
Оттон моонньоох баһа быстыбыт оҕус көҥдөй көхсө хаалан, сүрэҕэ тэбэрин тухары дөрүн-дөрүн тыынан күрдүргүүр, оччоҕо хабырыттаҕас хатан дьыбар түһэр. көҥдөй көҕүс баранан истэҕин аайы, тымныы аргыара намтаан иһэр. Оҕус этэ-сиинэ бүппүтүн, тириитэ үлтү сытыйан илдьирийбитин бэлиэтэ – оҕус түүтүн хоҕоһото хаар үрдүгэр тордох буолан ыһыллар. Тордох түстэр эрэ хаар аҕыйах хонугунан ууллан бүтэр. Тордох, киһи чугаһаатаҕына, кулахы курдук бырдаҥалыыр буоллаҕына, хаар олус күүскэ, дохсуннук ууллар. Дьэ, итинник. Эн букатын даҕаны утуйан хааллыҥ дуу? – оҕонньор братын төттөрү холбоон эмиэ тас гыннарда.
– Ама, утуйдаҕай?! Оннооҕор мин түмүгүн эрэ баттаһа киирэн, улаханнык хомойбукка дылы буоллум, – оһох иннигэр олоппоско олорор Марыына саҥа таһаарбытыгар эдэрдээх-кырдьаҕас соһуйан ходьох гына түстүлэр.
Биирдэрэ уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээбит омунугар, атына ол абылаҥар куустаран, бүтүн киһи киирбитин букатын да өйдөөбөккө хаалбыттар.
– Суох, мин отой да утуйбатым, – Дьулусхаан төлү биэрдэ, – мин Хоноһо Хоһуун курдук буолуом этэ…
Онтон эппититтэн кыбыһынна быһыылаах, ойон туран, бэргэһэтин-сонун түүрэ харбаата да, таһырдьа тилир-талыр гынан хаалла.
– Соҥҥун-соҥҥун кэт! – кэнниттэн Марыына кыл мүччү хаһыытаан эрэ хаалла.
Оттон кириэһилэҕэ тимиччи түһэн, түннүгү тонолуппакка одуулуу олорбут Миитэрэй аан диэки хайыһан хатааһын чолбонун кэриэтэ сып-сытыытык чолбоодуччу көрбүтүгэр харахтарыттан күөх сарпа сараадыйан тахсарга дылы гынна.
Марыына Миитэрэй Ыстапаанабыс хараҕа маннык уоттаммытын, бадаҕа, уонча сыллааҕыта ракеталар тобохторо бу кинилэр улуустарыгар түһэрин утарар миитиҥҥэ көрбүтэ. Онно сөхпүтэ аҕай: бу нууччалыы саҥарара ырааһын, бу толлубатын! Оттон ол миитиҥҥэ Дьокуускай эрэ тойотторо буолбакка, муҥутуур Москубаттан тиийэ бааллара эбээт. Бэл, генерал чыыннаахтар кэлбиттэр дэһэллэрэ. Кырдьаҕас онно туох баар уордьанын-мэтээлин кэтэн тиийэн, салгыны уҥа-хаҥас хаһыйа-хаһыйа, тыл этэн хабылыннарбытыгар анараалар да сөҕө көрбүттэрэ-истибиттэрэ быһыылааҕа. Оччотооҕу Ыстапаанабыс уҥуоҕа-иҥиэҕэ бөдөҥө билиҥҥитигэр холоонноох буолуо дуо?! Дьиктитэ диэн, өссө уонна хаһан эмэ мэтээлин-уордьанын кэппитин Марыына бу диэн соччо өйдөөбөт да эбит.