– Хоноһо Хоһуун таҥара тэҥэ буоллаҕа эбээт… – Миитэрэй, арааһа, Дьулусхааҥҥа анаабыт тыллара хойутаан да буоллар, суптугур уоһуттан мүччү көтөн тахсан, салгыҥҥа тарҕаан-уостан хааллылар.
2
Миитэрэй уута кэлбэккэ эргичиҥнии сытта. Этэ-сааһа аһыллан, өйө-санаата уйуһуйан, бүтүннүү кулгаах буолан хаалбыкка дылы. Оттон таһырдьа тыал тыаһа-ууһа сүрдээх, бэтэрээнэн киһи сытта да утуйуох курдук буолбатах.
Баччаҕа мас хаардыыр тыал булгуччу түһээччи эрээри, быйыл халлаан хаһааҥҥытааҕар да ордук кыйыдыйбыт. Уопсайынан, күн-дьыл уруккутугар холооно суох. Дьэ, хаһан кыһын оройугар тыалырбыта баарай?! Оттон билигин ахсынньы буоллун – тыал, тохсунньу буоллун – тыал, тыал да тыал… Бэл, бу бүгүн кэлэн, Миитэрэй сүрэҕэр-быарыгар кытта тыалырар курдук…
Урут Баһыкка оҕонньор (ол оччоҕо билиҥҥи миигиттэн биллэ эдэр буолуохтаах!) «аракыаталарынан халлааммытын тэһитэ ытыалаан күнү-дьылы буккуйдулар» диэн айманарын эмиэ да сонньуйа, эмиэ да бэркиһии истэрэ ээ. Ол бэйэтэ билигин ракетатааҕар буолуоҕу күтүрүөх курдук… Кими эрэ көмөн эрэргэ дылы, сынылыйан-онолуйан түһэн…
– Миитэрээй!!!
Бай да, ити ким ыҥырарый?! Ньукуус куолаһа дии… Урут сайын эрэ ыҥырар буолара эбээт?! Билигин кыһын буолбатах дуо?!
– Миитэрээй!!! Миитэрэ-эй!..
Тоҕо дуораана бэрдэй?!
Эмискэ миномёт миинэтэ чуһуурарга дылы гынна да, суорҕанын кууспутунан умса эргийэн баран, оронугар хам сыстыбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Тоҕо эстибэтий?!
Онтон кэмниэ кэнэҕэс сэрэммиттии төбөтүн өндөттө уонна бастаан бэйэтин, онтон сыттыгын-суорҕанын ээр-сэмээр бигээн көрдө.
Суох, баттаппатах эбит, хараҕын күүскэ да күүскэ симириктэтэн быһыта чыпчылыйталаан ылла. Уонна туох буолан…
Миитэрэй хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ баҕайы саба халыйан кэлбит санаатыттан-оноотуттан босхолоно сатаата да, туһа суох. Хаайтаран турбут уу, быыс-хайаҕас буллар эрэ, хайа да бэйэлээх сымара таас быһыты үлтү кумалаан, тоҕу көтөн тахсарыныы, биирдэ ааспыт олоҕун уот ытылҕаныгар баар буолан хаалла.
Сэрии… Кырыыстаах сэрии…
Кырдьык, кини армияҕа бэйэтэ тылланан барбыта. Дьиҥэр, тылламматаҕа да буоллар, хаһыс эрэ хомуурга түбэһэн буорах сытын син билиэ эбитэ буолуо?..
Арай сорохтор курдук хоту түһэн, мүччү көтүө ини?..
Оччолорго итинник санаа кинини ырааҕынан сылдьара. Оччоҕо олус да ыраас санаалаах, олус да итэҕэйимтиэ эбиттэр… мөлүйүөннэр дьылҕаларын үлтү кумалыыр иэдээннээх сэрии турбутун оччотооҕу Миитэрэй курдук өс киирбэх сүрэхтээх-санаалаах уолаттар уонна кыргыттар хантан таайыахтара баарай?..
Уонна, билигин кэлэн туох да диэбит иһин, бэйэ норуотунан, бэйэ дойдутунан, кинилэр ситиһиилэринэн дьиҥнээх киэн туттуу баара. Ол да иһин Сэмэн Сүүлүскэй эҥин курдук эр бэртэрэ, фашист адьырҕаны урусхаллааһыҥҥа кыттыбакка хаалаары гынныбыт диэн ыксаан, инньэ Күһүүр курдук сиртэн Ньурбаҕа диэри тоҥуу хаар устун сүүһүнэн көһү хайыһарынан айаннаан киирэн, бэбиэскэ туруорсан ыллахтара… Даа, Миитэрэй көлүөнэтэ оннук көлүөнэ этэ, билиҥҥи дьоҥҥо холоонноох буолуохтара дуо?! Һы-һы, букатын да били Лермонтов поэматыгар баар кырдьаҕас саллаат курдук тыллаһан бардым дуу?..
Оонньуута суох, арай Даайа кинини талбыт буоллун – оччоҕо барыта хайдах эргийбит буолуо этэй?
Даайа… Даайа… Даайа…
Кинилэр үһүөн биир түбэ оҕолоро этилэр. Бары оскуолаҕа бииргэ киирэн, бииргэ үөрэммиттэрэ. Уонна оннук тутуспутунан бүтэрбиттэрэ. Оччотооҕуга сэттэ кылаастаах үөрэх этэ. Хойутаан оскуолаҕа киирэр буолан, сэттэ кылааһы да сиппит-хоппут дьон бүтэрэллэрэ. Онон ол кэмҥэ Даайалара көрбүт эрэ уол сүрэҕин нүөлүтэ сэлибирэтэр кийиит кыыс бэрдэ буола силигилээбитэ. Субу көтөн хаалыахтыы тырыбыныыр уп-уһун кыламаннаах, эбиитин эдэр саас тэбэнэттээх кыымынан ыһыахтана оонньуур хап-хара хараҕа, отон уутунан сотон кэбиспит курдук кып-кыһыл обуйук уостара, такымынан охсуллар толбоннурар суһуоҕа, мөтөгөркөөн түөстэрэ, быһа тутан кэбиспиттии быакагаркаан уонна имигэстэй бииллэрэ – барыта чочуонай этэ. Оттон күлүүтэ, алыптаах музыка буолан кутуллар лыҥкынас күлүүтэ!
Холкуос-нэһилиэк дьоно бары кинини сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Бэл, Мыттыкы оҕонньор: «Даайа кыыс, кырынаас курдук кылыбырыйан, кулуһун курдук дьулугураан аастаҕына, миигинньик бөөхүллэ нохтолоох сүрэҕэ көбөн, толугуруу мөхсөн ханна баарын биллэрээхтиир буоллаҕа!» – дии-дии сүрэҕин туттан, дьону-сэргэни күллэрэн мытталлара.
Даайаны хоһуйаары, нэһилиэк уон биэһиттэн отутугар диэри саастаах сулумах уолаттара түөрэ бары хоһоон суруйуутунан ыалдьа сылдьыбыттара. Миитэрэй да онтон хаалсыбатаҕа. Ол кэмҥэ кини бастакы уонна бүтэһик хоһоонун суруйбута. Оннооҕор билигин, түлүк түүн да ойутан туруордахтарына, ол хоһоонун биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ биир тыынынан ааҕан биэрээ ини, таптал тууспаан кутаатыгар куустара сылдьан долгуйа тиспит тыллара ол курдук кытаанахтык өйүгэр-санаатыгар хатанан сылдьаллар. Тиспит да буолан, ити тыллар бэйэлэрэ бэйэлэриттэн төрөөн тахсыбыттара эбитэ дуу?..
Миитэрэй ытыһынан сирэйин саба туттан баран, бастаан сибигинэйэ былаан, онтон устунан тэтимиртэр тэтимирдэн, улаханнык иэйэн-куойан, хоһоон ааҕан барбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла быһыылаах.
Суох, Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи кини булбатаҕа… Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи Ньукуус булбута…
Оттон кини, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Соппуруон Алаастыырапка эппитинии, Дьокуускай педрабфагыгар, дойдутуттан тэйэн, Даайаны умнаары үөрэнэ киирбэтэҕэ (манна диэн эттэххэ, Соппуруон кини сэһэргээбитин «От үрэххэ» диэн кэпсээни суруйарыгар туһаммыта, ол кинигэтин анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ билигин Миитэрэй сыттыгын анныгар сытар ээ).
Даайа сүрэҕэ Ньукууһу талбыта. Ньукууһу ордорбута.
Кырдьык, Ньукуус дьүһүннээх үчүгэйэ, майгылаах мааныта этэ. Онно эбии ырыата, үҥкүүтэ сыттаҕа дии. төбөтүн иҥнэччи соҕус кэннигэр быраҕан олорон, хормуоскатын араастык эрийэн-мускуйан бардаҕына, хантан да кэлбиттэрэ биллибэт алыптаах дорҕооннор эйээрэ кутулла түһэллэрэ… Ама, оннукка хайа кыыс оҕо сүрэҕэ битиргэччи тэппэт буолуоҕай?!
Аны кэлэн, букатын кыларыйан турар кырдьыгынан билинэр буоллахха, рабфакка киирэригэр санаатын түгэҕэр, бэрт ыраах да буоллар, ханнык эрэ эрэл кыымнара кылахачыһаллара. Баҕардар, үөрэхтэнэн, оччотооҕуга этэллэринии, хамыһаар буолан дойдубар кэллэхпинэ, Даайа миигин атын хараҕынан көрүө диэн. Ол да иһин туохха да аралдьыйбакка үөрэммитэ. Ол да иһин бииргэ үөрэммит кыргыттарын ортотугар «Дмитриан манаах» аатырдаҕа. Ол «манаах» түөһүгэр төһөлөөх улахан таптал кутаата күлүбүрүү күүдэпчилэнэрин бииргэ үөрэммит кыргыттара барахсаттар хантан билиэхтэрэ этэй?! Оттон уопсайга биир хоско олорбут уолаттара тулуурдаахтар да эбит. Боруобаҕа, кулгааҕар куба саахтаабыт киһитэ хас күн ахсын музыкалаатаҕа аатыран, мандолина муҥнааҕы тардырҕатарын истэн көр эрэ.
Миитэрэй биллэ-биллибэттик мичик гынан баран, баһын быһа илгистэн ылла.
Оччотооҕуга ону өйдүүр кэлиэ баар дуо?! Хомсомуол хотойо хоппотоҕо суох этэ ээт… Кырдьык, мандолинаны барбах тыаһатарын тыаһатар буолбута. Ол гынан баран, ол, сирэйинэн эттэххэ, чахчы тыаһатыы эрэ этэ, иэйэ-куойа уонна, саамай сүрүнэ, атыттар тыгыалас тымырдарын таарыйан дьиҥнээхтик оонньооһун сыта да суоҕа.
Айдарыы диэн, хор, оннук кытаанах. Киһиэхэ барытыгар биир тэҥник бэриллибэт. Төһө да ардыгар бэрт хотуулаахтык биир киһи сатыырын атын сатаабата суох диэтэрбит, дьиҥ чахчытыгар киһи сатыырын киһи сатаабата, дьэ, эмиэ баар буолар. Ону хомнуо хойут сииккэ сиэллэххинэ, хаарга хаамтаххына биирдэ долоҕойдоторуҥ баар – кыһыыта.