Ол түгэн уораана… - Гуринов Афанасий Гаврильевич страница 4.

Шрифт
Фон

Оттон Ньукуус, төһө да эргиччи дэгиттэр дьоҕурдааҕын иһин, үөрэххэ барбатаҕа уонна, кырдьыгынан эттэххэ, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн киирэр кыаҕа да суох этэ.

Ону Миитэрэй, оскуоланы бүтэрэр кэрэ-бэлиэ, бу кэлэн санаатахха – эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох саастарыгар биирдэ кэлэн, соһуйа билбитин бу баар курдук өйдүүр.

Кинилэр үс биэрэстэ курдук тэйиччи сытар алаастан сылдьан үөрэнэр этилэр. Ол үс биэрэстэлэрин Даайаларын суумкатын олбус-солбус тутан, күө-дьаа ону-маны ыаһахтаһан букатын да билбэккэ хаалаллара. Биирдэ эмиэ ол курдук эрийэ-буруйа дьиэлээн испиттэрэ. Сандааран-чаҕылыйан сааскы күн ааттааҕа этэ, онно эбии Миитэрэй история уруогар «тороскуустары кыайан-хотон» (һы, киһи билигин сонньуйа да саныыр) «туйгун» сыананы ылбыт буолан, көтүөн кыната эрэ суоҕа.

– Дьокуускай төһө эрэ улахан буолла? Оскуоланы бүтэрдим да, булгу үөрэххэ барабын. Бары бииргэ барар инибит, – Кэрэх Ыйаабыт тумулун быһан иһэн, сып-сылаас сыстаҥнас хаары ытыһан ылан, мөчөкө оҥороот, бэрт дьиктитик сараадыйбыт лабаалардаах хаһааҥҥыта эрэ чаҕылҕаҥҥа быһа дапсыйтарбыт баараҕай тиити быраҕан кууһуннарбыта. – Һа-һаа! Баар! Ворошиловский стрелок! Өссө биир тороскуус морбойдо!

Онтон дьоно саҥарбаттарыттан дьиибэргээн, хайыһа биэрбитэ:

– Хайа, тоҕо ньим бардыгыт?! – Ньукууһу хатыйан түһэрбитэ. – Э-һээ! Ийэҕин эмсэхтии сылдьыаххын баҕараҕы-ын! Эн эмиэ тороскуус быһыылааххын… – диэн иһэн, Ньукуус хараҕын көрө биэрээт, харан хаалбыта.

Ол харахтар туох санаанан сыдьаайбыттарын Миитэрэй бу билигин да кыайан быһааран этэр кыаҕа суох. Арай далга да баппат далай акаарытык быһыыламмытын тута сэрэйбитэ.

Ньукуус ойон туран, хаарын да тэбэммэккэ, аттыларынан Лэгэнтэй оҕонньор сыарҕалаах атынан сиэллэрэн иһэрин сырсан тиийэн ыстанан кэбиспитэ уонна эргиллэ биэрээт, быраһаайдаһан, бокуойа суох далбаатыы олорбута.

Оттон мин тугу да улаханнык өйдөөбөккөбүн, оннук даллайбытынан суол ортотугар туран хаалбытым. Ньукуус оннук далбаатаабытынан суол тоҕойугар киирэн сүппүтүгэр, дьэ, биирдэ өйдөнөн, сири умса көрбүтүнэн баран иһэр Даайаны сырсан таҥкычахтаммытым.

– Ити-ити… Тоҕо ээ?! – аҕылаабыт омуммар бопторон ылбытым.

Даайа миигин атаҕым тумсуттан үөһээҥҥэ диэри олус бэркиһээбит хараҕынан көрөн таһаарбыта:

– Ньукуус таайа Хотоороп туһунан букатын истибэтэх муҥуҥ эбитэ дуу?! – уонна суумкатын эһи тардан ылаат, сүр эрчимнээхтик иннин диэки хаама турбута.

Мин буоллаҕына, эмиэ даллайбытынан туран хаалбытым. Даайа уонча атылы оҥороот, миэхэ хайыспыта уонна:

– Миитээ, ити муҥураах тиити бырахпат буолаар. Ити кэрэх мас ээ, – диэбитэ.

Итини кини сибигинэйэ былаан эппитэ гынан баран, мин тоҕо эрэ олус чуолкайдык истибитим. Арааһа, уоһа хамсыырынан көрөн, сүрэхпинэн сэрэйбитим эбитэ дуу, хайдаҕа дуу. Дьэ, билбэтим.

Оттон Хотоороп туһунан ол да сахха хайдах тугу да билбэт буолуохпунуй, билэн бөҕө буоллаҕа дии. Дьонум дьиэ иһинээҕини-таһынааҕыны ибир-сибир кэпсэтэллэрин кулгаахтаах аата хайаан истибэт буолуомуй?!

Хойутаанаптар удьуор олохторо – дэриэбинэттэн үс көстөөх сиргэ сытар Бакамда сыһыытын хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар кыра хоннох оҕото. Ситинтэн өрүс диэки барыыга балтараа-икки биэрэстэ кэриҥнээх сиргэ Арыылаах диэн алаас сытар. Ол – Хотоороптор олохторо.

Ньукуус таайа Хотоороп Дьөгүөр бэйэтин кэмигэр улахан үөрэхтээх киһи дэһэллэрэ. Өссө Бүтүн Сойуус ыстаарыһата диэн бочуоттаах ааттаммыт Михаил Калинин кыыһын дуу, аймаҕын дуу билсэ сылдьыбыт үһү диэн кэпсэтэр буолаллара. Сөҕүү-махтайыы кытаанаҕа этэ. Лев Троцкай кинини хайҕаан, санныттан таптайбыта үһү диэн эмиэ сири-буору аннынан сэһэргэһэр этилэр. Саха АССР наркомугар тиийэ үлэлии сылдьыбыт киһи. Онтон эмискэ «тороскуус», «норуот өстөөҕө» аатыран хааллыбытын туһунан дьулаан сурах тарҕаабыта. Итинтэн сылтаан, чугастааҕы дьон Хотоороп аймахха сыһыаннара, мин оччотооҕу оҕотук харахпынан көрүүбэр, соччо уларыйбатаҕа быһыылааҕа. Ол да иһин буолуо, мин история уруогар кэпсэтэр «тороскуустарбар» Хотоороптору отой да дьүөрэлии санаабат этим.

Эгэ кэлэн, «тороскуус» аймаҕа, «норуот өстөөҕүн сыдьаана» сэбиэскэй үөрэх кыһатыгар киирэрэ элбэх уустуктардааҕын, ону ааһан, төрүт да сатамматын хантан сэрэйиэмий?! Оҕо бөчөөх буоллаҕым ээт…

Итини барытын дьиэбэр тиийэн, ийэбиттэн мөҕүллэ-мөҕүллэ, убайбыттан ыйыталаһан балайда удумаҕалаппытым. Оттон рабфакка үөрэнэр сылларбар дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Ол кэннэ Күн Ыстаалын «сын за отца не ответчик» диэн этиитэ дьиҥ олоххо кэлэн, букатын тиэрэ эргийэн тахсыбыт түбэлтэлэрин Миитэрэй бэйэтин уу хараҕынан көрдө ини, көрбөтө ини. Дьон да, олох да араас буолар эбит этэ…

Ол барыта кини долоҕойугар бэрт хойут тиийбитэ.

Сарсыныгар Ньукууска сыыһа тахсыбыт диэбитигэр, киһитэ сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Ити итинник хаалбыта…

* * *

Оттон кинилиин Дьокуускайга учуутал рабфагар үөрэммит, пединститут икки мэндиэмэннээх мас уопсайын хоһугар бииргэ олоро сылдьыбыт, кэлин улахан суруйааччы буолбут Соппуруон Алаастыырап бэйэтин кэпсээнигэр Ньукууһу Тулааһынап диэн араспаанньалаабыта эмиэ дьикти ээ. Тулааһынап, Тулааһын… Ол аата, ким эбэтэр туох эрэ тулааһына, тирэҕэ диэн өйдүөххэ сөпкө дылы. Дьиҥэр, Ньукуустаах Мандаараптар диэн этилэр буоллаҕа дии. Оттон Миитэрэй тоҕо эрэ Тытыгынаайап буолан хаалбыт этэ. Тоҕо? Бу кэлэн өйдөөтөххө, соччо үчүгэйэ суохтук иһиллэр араспаанньа быһыылаах. Тытыгынайбыт буолан… Ону Алаастыырап тыыннааҕар өйдөөн ыйыппакка хаалбыт эбит. Соппуруон обургу туох эрэ түгэх санаалааҕа чуолкай. Миитэрэй ол сахха итиннэ суолта биэрэн, соччо толкуйдуу сатаабатах да буолуохтаах. «Кэпсээн суруйарбар эн түбэлтэҕин туһанабын дуо?» – диэбитигэр улаханнык утарса сатаабатаҕа. Хайыы үйэ кэпсээн бүтэн баран, тугу чымаарыстаныа да этэй, дьиҥэ баара?! Оо, онно Алаастыырапка сүүрбэччэ сыл сүгэһэр оҥостон, быһа ааллара сылдьыбытын тоҕу тэбээн баран, чэпчээбитиэн эриэхсит?! Таҥараны итэҕэйээччилэр олохторугар исповедь хайдахтаах курдук дириҥ суолталааҕын онно кэлэн дьэҥкэтик өйдөөбүтэ.

Соппуруон кэпсээнигэр, биллэн турар, эбии-сабыы элбэх. Уус-уран суруйуу буоллаҕа… Холобур, Миитэрэй ол бэстилиэтин элбэрээгин төлү тардыбыт кырыыстаах түгэнин туһунан кимҥэ да, хаһан да кэпсиир санаата суоҕа. Эгэ кэлэн, ону Ньургуҥҥа ханнааҥҥы санаатынан этиэ этэй?! Туох диэн?!

Ол да буоллар, Миитэрэй кэнники кэмҥэ тоҕо эрэ ити кэпсээни хос-хос ылан ааҕар мээтик буолан хаалла. Сырыы аайы саҥаттан ааҕар курдук, сырыы аайы сүрэҕэ саҥаттан хааннааҕынан ытыыр… Кэпсээҥҥэ буоллаҕына, ардах түһэр да түһэр… Оттон Соппуруон өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр сылдьыбыта… Миитэрэй ону илэ-чахчы өйдүүр. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ.

Алаастыырап тыа сиригэр от-үүт үлэтин сырдатар матырыйаал хомуйа тахсыбыт буолан, сири-дойдуну кэрийэн, кини отуулана сытар ходуһатыгар киэһэлик биирдэ тиийэн кэлбитэ. «Бөрөнү эрэ буолбатах, суруксуту эмиэ атаҕа аһатар», – дии-дии, барбах будьурхайдыҥы курдук баттаҕын өрүтэ анньына-анньына, харахтара чаҕылыһан, мылаллан турара букатын бу баар. Кырдьыга да, билбэк-кэ-көрбөккө тугу суруйуоҥуй?!

Аараттан холкуос бэрэссэдээтэлин көмүскэһэн, дэлби өрүкүнүйэн кэлбит этэ. Инструктор уол: «Райком быгыһыҥҥы быһаарыытынан сиилэстиир күөх маассаҕа анаан кукуруза ыһыллыахтаах бааһынатыгар бурдугу ыстарбыккын!» – диэн сэрииттэн мас атахтаах кэлбит Маппыайабы тыыннаахтыы тутан сиэх курдук үһү. Бэрэссэдээтэл: «Бастыҥ бааһынабыт, баһаам бурдук үүнүө, оттон кукуруза үүнэрэ саарбах», – диир эбит. Соппуруон: «Киин бэчээттэн көрдөххө, билигин үс-түөрт сыллааҕыта курдук кукурузаны булгуччу ыһарга сорудах суох, бастаан агротехниканы быһаарыы наадатын туһунан боппуруоһу ордук күүскэ көтөҕөллөр», – диэн арыычча алы гыммыт.

Ваша оценка очень важна

0
Шрифт
Фон

Помогите Вашим друзьям узнать о библиотеке

Популярные книги автора