Миэхэ даҕаны оннук айылаах соһо сылдьар сонунум суох. Кэпсээн кэмчи. Өлүөр олоробут, амабыт. Ол буоллаҕа дии, сүрүнэ диэн. Этэҥҥэ буоллахха, атына даҕаны бэтэрээ сэгэтинэн буолар куолута, Эдьиий Даайа оннун булан олордо. Бу Хоту Күндэҕэ тиийэ сырыттым. Онно халдьаайытын саҕатыгар ураты эмтээх суорат от үүнэр. Уонна төннөн иһэн билсэ-көрсө диэн таарыйдым.
Ээ, сөбө-сөбө. Таарыйбытыҥ олус бэрт дии, Мотуруона хончоҕордорго чэйин кута-кута сэҥээрдэ. Чэ, чэйдээ, эдьиэй.
Чэйдээн бөҕө. Балай эмэ сири хаамтым ээ, хотуой. Омос санаатахха, онно үүммүт суорат от, манна үүммүт суорат биир буолуохтарын сөп курдук этэ даҕаны, дьэ, улахан уратылаах буолар. Сир-дойду иччитэ ааттыын Аан Алахчын диэн эбээт. Барыта ала-тала. Үкчү буолбат. Аны туран, күнүттэн-ыйыттан эмиэ тутулуктаах. Бу суорат от, бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри биир кэм силигилии тыллар даҕаны, от ыйыгар ордук уохтанар. Ону даҕаны сүмэтэ баччаларга, Ый толонугар, муҥутуу хойдор. Киһи-дьахтар имэҥэ-дьалыҥа эмиэ туолбут Ыйга күүскэ киирэр буолбат дуо, Мотуруона-а? удаҕан дьахтар хараҕар көрдөөх кыымнар кылахачыстылар.
Ээ, дьэ, буолуо-буолуо биирдэрэ ылбат-биэрбэт ыккардынан хоруйдаата, былаатын көннөрүммүтэ буолла.
Эдьиий Даайа ону көрөн мүчүк гынан ылла, лэппиэскэ тоһуттан дагдаҕа умньаан айаҕар угунна.
Чэ-чэ, хотуой, кырыллыбытынан кыыс курдук кыбыста, кэмчиэрийэ олоруоҥ дуо? Сонуҥҥун ыһа-тоҕо кэпсээн ис. Дабыыт холкуос үлэтигэр сылдьар дуо?
Онно-онно. Тутуу маһын тиэйиигэ сылдьаллар. Сыдыбылга норуот дьиэтин туталлар дии. Онно. Үрдүгэр хоно сылдьан үлэлииллэр.
Билэн-билэн. Эһиги холкуоска киирбиккит хайдах эбит?
Бэйэ дьаһанан олороро табыллыа суох диэн, манна көһөн кэлээт да киирбиппит. Биир уулаах бургунаспытын хаалларан бараммыт, атын сүөһүбүтүн холбообуппут. Онон билигин бэйэбитигэр икки төбөлөөхпүт.
Оннук. Саҥа олох кэллэ Эдьиий Даайа, Мотуруона сирэйин-хараҕын тонолуппакка көрө-көрө, хончоҕорун уунна. Чэйиҥ минньигэһэ бэрт эбит. Били Бүлүү «Холбоһугар» кэлбит сэбирдэх чэй дуу?
Ол-ол. Сааһыары Дабыыт айанньыттары кытта аарааҥҥа диэри киирэ сылдьан булан-талан тахсыбыта.
Эдьиий Даайа чэйдээх хончоҕорун иннигэр уурунна уонна эмискэ ыйытта.
Хотуой, туохтан эрэ олус долгуйбут көрүҥнээххин, дьэ эрэ, миэхэ барытын кырдьыгынан ыраас мууска курдук ууран биэр эрэ. Санааны-оноону тутан сылдьыллыбат баҕайыта. Тимири дьэбин, киһини санаа сиир. Чэ, кэпсээн кэбис.
Уолбар бэйэм төрөппүт оҕом буолбатаҕын туһунан эттим
Ону кини?
Билбэтим Барытын өйдөөтө курдук
Бэйэтэ билигин ханна баарый?
Хабыалыын балыктыы ыстаммыта, Мотуруона сирэйигэр сырдык мичээр охсуллан ааста. Доҕорунаан. Бэрэссэдээтэлбит Уоһук уола.
Ээ, дьэ, котоку, истээт даҕаны, кута-сүрэ хайдахтаах аймаммытын ким-туох билиэ баарай?.. Ол да буоллар, мин өйдөөбүппүнэн, оҕо оҕо курдук түргэнник аһарыммыт. Отуора, уйулҕата хамсаабатах, Эдьиий Даайа астыммыттыы мичик гынна, онтон балаҕан иһин кэриччи көрөн ылла. Тоҥсуо олох күндүтүн олус үчүгэйдик билээр. Хайаа, оттон олоҕун бастакы үс сылыгар лоп курдук үс төгүл өлүү-тиллии быыһыгар киирэн тахсыбыта дии?
Оо, дьэ, этимэ, эдьиэй Мотуруона махтанан сүгүрүйдэ.
Онно бастаан итииктээх дьаҥ туран оҕо бөҕөтүн охсуллубут от курдук охторбута.
Оо, дьэ, алдьархайдаах куор кэлэн ааспыта
Оннук, хотуой, алдьархайдаах дьаҥ этэ. Ол дьыл ньирэй оҕо бөҕөтө өлөөхтөөбүтэ. Аҕабыыттар Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бүтүн уокуруктан уон икки эрэ оҕо сүрэхтэннэ диэн аймаммыт сурахтаахтара. Дьон сыстыганнаах дьаҥ турбут кэмигэр оҕолорун сүрэхтии илдьибэтэхтэрэ сөп бөҕөтө буоллаҕа. Тыыннаах хаалбыттар миэтирикэлэрин кэлин даҕаны ыллахтара дии. Тоҥсуо даҕаны миэтирикэтин ыллыгыт ини?
Ээ, эдьиэй, дьон этэн, нэһилиэк сэбиэтиттэн туоһу кумааҕы ылбыппыт.
Арба, оннуктаах этибит дуу Үйэ уларыйда этэ дуу Эдьиий Даайа чэйиттэн сыпсырыйан истэ, чочумча олоро түстэ. Оҕо бөҕөтө өлөөхтөөбүтэ Оттон кини, Айыыһыта харыстаан, хороҥ оттон тардыһан тыыннаах хаалбыта
Мэхээс биһиккигэ ыарахан даҕаны күннэр-түүннэр ааспыттара Онтон ол этин ыһан кэбиспит итиигэ, хараҕын көйө сылдьар ириҥэтэ ааһыахча курдук буолан эрдэхтэринэ, аны туран, ойоҕостоппута. Этэ суоһаан өйүкү-төйүкү барара Мин, оҕом оронуттан харыс даҕаны халбарыйбакка, аҕылыы тыынаахтыырын маныырым Туох баар билэр мэлииппэбин барытын аахпытым. Оттон оҕом тыынара ыараатар ыараан, этэ-сиинэ уотунан суоһаан, умайбыт хардаҕас тобоҕун курдук хараара өһөн иһээхтиирэ Мин «киһи буолбат буолла» диэммин күн-түүн хараҕым уутунан суунарым Ол мин, акаары дьахтар, тыыннаах оҕом үрдүгэр кэбилэнэр буоллаҕым үһү?! Оо, айыым-таҥарам, муммут сордооҕу баалыы санаама даа!.. Мотуруона кириэстэнэн сапсынна, онтон Эдьиий Даайаны махтаммыт хараҕынан көрдө. Онтон эн кэлбитиҥ дии, эдьиэй
Онно мин Хойгуолаахтан кэлэн иһэммин таарыйбытым. Уһун Уйбааннаахтан. Хойутаан ыҥырбыттар этэ Кийииттэрин уонна саҥа төрөөбүт сиэннэрин кыайан өрүһүйбэтэҕим удаҕан халыйан кэлбит ыар санааҕа баттатан ах барда.
Балаҕан иһигэр чочумча уу чуумпу сатыылаата.
Онтон эһиэхэ тоҕо эрэ туораан тахсыбытым. Ким эрэ, туох эрэ биттэммитигэр дылы. Олус санаарҕаан испитим, «идэбин тохтоторум дуу, ол сатаныа дуо» диэн толкуй бөҕөтүгэр түспүтүм
Тыый, оччоҕо, дьэ, биһиги хайдах буолуох этибитий Мотуруона чахчы бааччы куттанан сибигинэйэ былаан саҥарда.
Хотуой, сүрэҕиҥ чарааһа бөҕөтө! Эдьиий Даайа барбах мүчүйдэ. Ол мин санаам-оноом оонньообута диэхтээн, үөһэттэн үөтүүлээх, айыылартан айдарыылаах удьуор идэбиттэн си-дьүгээр босхоломмот хотун сырыттаҕым буолуо ээ
Оо, мин онно эн киирэн кэлбиккэр олус даа үөрбүтүм, Мотуруона эгди буола түстэ. Эн көрбүтүҥ-истибитиҥ, эмп-томп биэрбитиҥ кэннэ, Тоҥсуо, уоскуйан, лип курдук утуйан хаалбыта. Оттон эн утуйаргар кини нэлэкэтин сыттыгыҥ анныгар уктубутуҥ уонна сарсыарда үөрэн ахан уһуктубутуҥ. Итиэннэ: «Кураанахха, куһаҕаны ыраланан ытаама, уолгут этэҥҥэ буолуоҕа, кини дьоло-дьолуота үрдүк», диэбитиҥ. Ону мин итэҕэйбитим, ытаабат буолбутум. Уолбут чахчы үтүөрэн барбыта. Ол түгэни олус дьэҥкэтик өйдүүбүн. Онтон сааһыары эмиэ охтон хаалбыта. Иэрийэ-иэрийэ сөтөллөрө Бопторон ылара Муннунан хаана барара Сирэйэ, кытара сатаан баран, көҕөрөн хаалара. Мэхээс, атын көлүйэн, эйиэхэ барбыта. Оттон мин, бу сырыыга ытаан ньолҕоруйбакка, уолбун көтөҕөн баран: «Кини дьоло-дьолуота үрдүк!..» диэн алгыс курдук хатылаа да хатылаа буоларым
Онно эмиэ сап саҕаттан салҕанан, кыл курдуктан кытаахтаһан өрүһүммүтэ. Эн, сүрэххинэн таайан, көтөххөр ылбатаҕыҥ буоллар, сытан эрэ бопторуохтаах этэ. Иэрийэр сөтөл тииһигэ күүскэ киирдэҕинэ, оҕо оннук быстараахтыыр. Оттон кини, ол ыгыста-ыгыста сөтөллөрүгэр хараҕар сап тымырдар быһыта баран, көрөрө эрэ мөлтөөтөҕө. Толуга диэн ол буоллаҕа. Кини дьоллоох. Кини дьоло-дьолуота үрдүк!
Кини дьоло-дьолуота үрдүк!.. Мотуруона, туох эрэ дьикти турукка киирэн хаалбыттыы, Эдьиий Даайа кэнниттэн мылайа мичээрэн хатылаата. Кини дьоллоох!.. Оокком
Оннук, хотуой. Эн санаарҕаама. Тоҥсуо билигин, бороохтуйан, хайыы үйэ хотоҕойун көтөхпүт хотойчоон буоллаҕа. Арба даҕаны, билигин кини Дабыыкка хайдах сыһыаннааҕый? Кииринньэҥ аҕатын курдук ылынар дуо? Киһи да күлэр, уончалаах бэдик улахан эр киһини Охтор Дабыыт диэн хос ааттыы турбута да баар ээ! Эдьиий Даайа күлэн сыһыгыраабыт омунугар ытыстарын тэс гыннарда. Уун-утары көрөн туран! Дьэ, эрдьигэн дии! Хараҕын төһө эрэ быччаччы көрдө?!
Мотуруона, эмиэ күлэн быычыгыраан ыларын быыһыгар, айаҕын саба тутта-тутта, санна ыгдаҥнаата.