Дабыыт, бу түбэлтэни санаан кэллэҕинэ, эмиэ быара суох барааччы, тыын ылан, хараҕын уутун сотто-сотто эттэ. Кини Тоҥсуону олус таптыыр ээ. Уонна, оттон, төрөппүт ийэтинэн биир хаан буоллахтара дии. Кыра эрдэҕинэ, Дабыыт кинини бэйэтигэр сыһыара, чугаһата сатаан тугу-тугу гымматаҕа баарай? Ону-маны кэпсиирэ, бэлэх-кэһии аҕалара, батыһыннара сылдьара. Хантаан, уолбут, атыҥыраан, таһырахтатан, букатын бөрө оҕотун курдук көрөрө. Оттон билигин, улаатан, лаппа холку буолла.
Дьэ, бэрт. Мэйиитэ хойдон иһиэ буоллаҕа. Барытын өйдүөҕэ. Сүрэҕэр киллэриэҕэ. Дабыыт диэн, кыратын-харатын аанньа, эр бэрдэ буоллаҕа. Дэлэҕэ, бу эн курдук ньыламан маҥан дьахтары ойох ылыа дуо? Эдьиий Даайа дьээбэлээхтик имнэннэ. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Буолаары буолан, Тоҥсуо билигин иитиэх оҕо буоларын туһунан кырдьыгы билэр Хайа, хотуой, бу хайдах буоллуҥ?
Кини кини ии-тиэх оҕо буолбатах ээ Кини мин мин оҕом Кини кини оҕобут Мотуруона, эмискэ эһэ харбаан ылбыт күлбүһэҕин икки илиитинэн мускуйа-мускуйа, тардыалатан саҥарда.
Уоскуй, хотуой, уоскуй, Эдьиий Даайа, өндөх гынан, күлбүһэҕи ылан туора уурда. Маны мускуйбуккуттан туох даҕаны уларыйыа суоҕа. Хата, ол түбэлтэ туһунан сиһилии кэпсээ эрэ, күлэ-аралдьыйа түһүөҕү? удаҕан, мэҥин имэринэн ылан баран, туох даҕаны буолбатаҕын курдук, налыйыаҕынан налыйан, чэйин иһэн сыпсырыйа олордо.
Мотуруона даҕаны өр күүттэрэ сатаабата, сыыйа холкутуйан кэпсээн барда.
Кыра оҕолоох тулаайах дьахтар булчут-алчыт, отчут-масчыт, үлэһит эр киһитэ суох олороро олус ыарахан, сатаммат даҕаны. Эмиэ бэйэм курдук тулаайах хаалбыт, ол гынан баран лаппа аҕа саастаах, үс оҕолоох Ыгдаа ыйыппытыгар сөбүлэнэн ойох барбытым. Олохпут табыллыбатаҕа. Сотору кэминэн кини куртаҕынан ыараханнык ыалдьыбыта. Ас барбат буолбута. Куораттан тахсыбыт Улбуоп луохтуур оннук диэбитэ. Кини уһун көҥдөй туруорбутунан аһата сатаахтыырым. Өрүттээхтээбэтэҕэ. Кыһын таҥаралаабыта. Биһиги эмиэ тулаайах хаалбыппыт
Ыгдааны билээн. Оччотугар Ампаардаахха олордоххут дии?
Онно. Сэниэтик олорбут киһи этэ. Оҕолоро, улахаттара сиппит дьон, кырдьаҕас эдьиийдэрин кытта бэйэлэрэ хаалбыттара. Оттон мин
Эн кыайыгаскын-хотугаскын, холку, намыын майгылааххын, эбиитин намчыгын, тупсаҕайгын. Итиэннэ эдэргин. Сулумах сылдьар эр дьон оннук тулаайах дьахтары өр соҕотох сырытыннарбат буолуохтаахтар. Ойох ыла сатаабыт элбэх буолуо? Эдьиий Даайа кэпсээни ньымсатык арыый атын хайысхаҕа иэхтэ. Уонна, оттон, син туох эмэ сүөһүлээх-астаах хааллаҕыҥ дии?
Син баара, Мотуруона чахчы бааччы сэргэхсийэ түстэ. Үс ынахтаах, биир оҕустаах, биэлээх эҥин этим. Уонна, кырдьык, ол дьыл сааһыгар Кукаарыс оҕонньор ыйыттарбыта. Бүлүү куоратыгар олохтоох, хаһаактартан төрүттээх оҕонньор. Биэс уонуттан эрэ тахсыбыт да буоллар, түөһүн тылыгар диэри түспүт күрдьэх курдук күрэҥсийбит бытыктааҕа, хаар маҥан баттахтааҕа. Өр иҥээҥнээбитэ. Сотору-сотору кэлэрэ. Кэһиитин кыбына сылдьара. Хап-хачыгырас, көмүрүө курдук баахыла аҕалара. Тоҥсуо котоку, хаһан минньигэһи амсайбыта кэлиэй, бэрт түргэнник Кукаарыска атыыланан, киниттэн күнэ-ыйа тахсар буолан хаалаахтаабыта. Уолум истиҥ сыһыанын көрөн, мин даҕаны сөбүлэммитим
Онно Бүлүүгэ көстүгүт этэ дии? Кукаарыс улахан, астык дьиэлээх диэччилэр
Оннук, Бүлүүгэ көһөн күккүрээбиппит. Сүөһүбүн аймахтарбар хаалларбытым. Оҕонньор чахчы үчүгэй дьиэлээҕэ. Нууччалыы охсуу дьиэ. Кырыыһалаах, ыстаабыналаах. Таҥара дьиэтин таһыгар турар. Кырааскалаах муостата, ойуулаах истиэнэтэ, киэҥэ-куоҥа, ырааһа барыта дьикти. Биһиги оччугуй туруорбах балаҕаммыт кэнниттэн оннук улахан, мааны дьиэҕэ олорор хайдах эрэ этэ. Дубук-дабык туттуу бөҕөтө, Мотуруона тугу эрэ санаан мүчүйэн ылла. Онтон Тоҥсуо дьыссаат диэн оҕону көрөр-харайар тэрилтэҕэ сылдьар буолбута. Куорат олоҕун атына, дьиктитэ элбиих-элбэх Уолум Кукаарыһы «тээтэ» диэн ааттаан үөрдэрэ. Онтон кыһын оҕонньорбут улаханнык ыалдьан хаалла. Ол кэмҥэ Бүлүүгэ Батаакап диэн луохтуур баара. Кукаарыс, киниэхэ көрдөрөн, Дьокуускайга эмтэнэ барбыта. Уонна сураҕа суох сүтэн хаалбыта Ким эрэ онно балыыһаҕа өлбүт диир, ким эрэ соҕуруу өбүгэлэрин дойдутугар барбыт диир. Мин эмиэ тумаҥҥа мунан хааллым, куораты, дьиэни атыҥырыырым күүһүрдэр күүһүрэн барда Кукаарыс аймахтара даҕаны, санаабар, кырыы харахтарынан көрөр, туоратар курдуктар. Ол курдук, эрэй-муҥ бөҕөнү көрөммүт кыстаатыбыт. Уонна сайын ыһыах иннинэ малбытын-салбытын хомунан Харбалаахха, сүөһүбүтүн хаалларбыт сирбитигэр, барбыппыт. Дабыыты кытта онно билсибиппит. Сайылыкка мин дьоммор сылдьар эбит этэ. Онтон анаан-минээн кэлэр буолбута, миигин кытта кэпсэтэрэ, ынах ыаһара. Миэхэ үчүгэйэ дьикти, Мотуруона мичээрдээтэ. Оттон уолум ону сиилээн бөҕөтө. Аны туран, биирдэ алаадьы астыырын көрөн баран, букатын даҕаны ахсарбат буолла. Бу бэдигиҥ «дьахтар курдук киһи эбит» диэн саныыр буоллаҕа.
Дьэ, Тоҥсуо, уол оҕото, оннук буолуон сөп. Тоҥсоллон, хотой оҕото буоллаҕа! Эдьиий Даайа сатараччы күллэ, онтон Мотуруонаны тэһэ одуулаата. Уолуҥ Дабыыты мээнэҕэ «тоҥсуйбатах» буолуохтаах. Бу быччаалабыт Дабыыт эйиэхэ сыһыанын, эн киниэхэ сыһыаҥҥын барытын көрө сырыттаҕа дии. Уонна күнүүлээн быһа сытыйдаҕа. Дьэ, быччаҕар эбит! чоккуруос хараҕар тэбэнэт кыымнар кылахачыстылар. Арба, Дабыыт Тоҥсуо төрөппүт ийэтин сурдьа дии? Букатын даҕаны таайа буоллаҕа дии?
Чугаһаттын диэммин, төрөппүт дьонун туһунан кэпсээбэккэ буолан, Дабыыт таайа буоларын эппитим ээ. Пахай, онтум баара, уолум сирэйэ ханньастан, уорастыйан туран: «Маннык ньары-ньаппааскы таайданыахпын баҕарбаппын!» диэн баран, ситэ истэ даҕаны сатаабакка, балаҕан аанын хап гына быраҕан элэс гынан хаалбыта.
Оттон Дабыыт кинини бэйэтигэр сыһыара, чугаһата сатаан тугу-тугу гымматаҕа баарай? Биирдэ эбэлээх эһэҕэр илдьиэм диэн тылыгар киллэрбитэ. Тоҥсуо айанныырга маҥан аллаах буоллаҕа. Буолаары буолан, акка мэҥэстэн. Итиэннэ хаһан даҕаны көрбөтөх, билбэтэх эбэлээх эһэтин көрүөн-билиэн даҕаны баҕарбыта буолуо. Инньэ гынан, Сыралтаҕа айаҥҥа турбуттара.
Ыраах айан эбит. Түөрт-биэс көс буолуо.
Оннук буолуо. Тоҥсуо Сыралтаттан хомойон ахан кэлбитэ. Ол тиийбит эбэлээх эһэтэ кини төрөппүт ийэтин ийэлээх аҕата буолалларын билбэт буоллаҕа. Онно тиийдэхтэрин утаатыгар эбэтэ, кинини көрөн баран: «Бу уол ордук Тиэхээннэргэ маарынныыр эбит», диэбит этэ. Ону «ханнык эрэ Тиэхээннэргэ сыбыыр, бэйэлэригэр букатын даҕаны сыһыарбаттар эбит ээ» дии санаатаҕа. Ол иһин хомойор.
Онтон төннөллөрүгэр биир бадьараҕы аттарын сиэтэн сатыы туораабыттар. Балыктаах ыарахан тымтайы сүгэ сылдьар Дабыыт дулҕа быыһыгар сыыһа үктээн охтон түспүт. Балыгын хомуйан, тымтайын сүгэн хааман иһэн, эмиэ сууллубут. Ону көрө-көрө, биһиги төбөппүт: «Эн биир кэм оҕун да оҕун буолаҕын, онон эйигин Охтор Дабыыт диэн ааттыыр эбиппин!» дии-дии күлэн сыһыгырыыр буоллаҕа.
Дьэ, эмиэ мэнигийээн эбит! Эдьиий Даайа күлэрин кыатана-кыатана эттэ. Көр да маны! Бу абатын, бу кыһыытын! Бу тумса тууһун! Мин Дабыыт эбитим буоллар, сонно ыстаанын сулбу тардан, көп этигэр үчүгэй соҕустук чыпчаххайы ыалдьыттатыам этэ эбээт!.. удаҕан сол даҕаны күлэн ыгыста олордо.
Дабыыт холкута бэрт буоллаҕа. Хата, бэйэтэ саныы-саныы күлэр. Оннук балыктарын эмиэ хомуйан салгыы айаннаабыттар. Дабыыт иһигэр хомойорун хомойоохтообута буолуо. Дьиҥэр, кинилэр Сыралтаҕа аттаммыт төрүөттэрэ диэн атын этэ. Ол кэмҥэ Кукаарыс Көстөкүүн Дьокуускайтан үтүөрэн кэлэн биһигини Бүлүүгэ ыҥырар этэ. Онтон бэйэтэ Тэптигэҥҥэ көрсө, кэпсэтэ кэлэр буолбута. Инньэ гынан, сүбэлэһэн, Дабыыт Тоҥсуону ылан Сыралталыыр буолбуттара. Сүрүн төрүөт ол этэ. Санаабар, Кукаарыс, мин сөбүлэммэппин илэ истэн баран, тута төннөн хаалыахтааҕа. Онтум баара, оҕонньор: «Уолбун булгуччу көрүстэхпинэ сатанар», диэн хонор буолбута. Сарсыныгар тиэргэн ааныгар турдаҕына, Тоҥсуо ыраахтан көрөн: «Тээтэм кэлбит! Тээтэм кэлби-ит! Тээ-тээ!..» диэн хаһыытаабытынан сүүрэн бырдааттанан кэлбитэ. Кэнниттэн Дабыытым барахсан сукуҥнаан иһэрин билигин даҕаны бу баардыы көрөбүн Мотуруона кыл түгэнэ тохтоон ылла. Онно уолуттан, дьэ, чахчы хомойбута кини көрүҥэр, сирэйигэр-хараҕыгар бүтүннүү ойуулана сылдьара. Оттон Тоҥсуо үөрүүтэ муҥура суоҕа. Кини Дабыыты аҕа оҥостуоҕун төрүт баҕарбат этэ Ол да буоллар, мин оҕонньору кытта куоракка барсары кыккыраччы батан кэбиспитим. Дабыыты кытта олорорго эрдэттэн быһаарынан сылдьарым. Кукаарыс өөр ааттаһа, көрдөһө сатаабыта, кэлиҥҥинэн кыыһырыы бөҕөтүн кыыһырбыта Ол да буоллар, соннук чороҥ бэйэтэ төннөргө күһэллибитэ.