Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Гуринов Афанасий Гаврильевич страница 6.

Шрифт
Фон

 Кукаарыс эрэйдээх  Эдьиий Даайа оҕонньору аһынна.  Эйиэхэ дьиэтин суруйуох, атын даҕаны баайын бүтүннүү биэрэбин диэбит дииллэрэ. Кырдьык дуо?

 Оннук баара, эдьиэй  Мотуруона өрө тыынна.  Ол эрэн, баайы сырсан төһө дьоллонуом этэй?..

 Сөпкө саныыгын, хотуой. Сүрэх сөбүлүүр буоллаҕына эрэ дьахтар дьолу билэр.

Мотуруона эмиэ өрө тыынна, чэй кутаары, Эдьиий Даайа диэки ыйытаары көрбүтүгэр биирдэрэ сонно тута хончоҕорун утары ууммутун ылан, киниэхэ уонна бэйэтигэр чэй кутта.

Онтуттан сыпсырыйан баран, хомойбуттуу дуу, буруйдаммыттыы дуу:

 Хайа сах сойбут эбит  диэн ботугураата, оһоҕун диэки көрдө.

 Маннык үчүгэй-үчүгэй, хотуой. Сылыта сатаама,  Эдьиий Даайа кинини тохтотто.  Хата, кэпсээ. Олус кэрэхсэбиллээх. Мин эмиэ дьахтарбын ээ,  дии-дии, сымнаҕастык көрдө, төбөтүн туллаҥнатта.

 Онно мин дьолбор Тоҥсуом туора түспүтэ. Мин хайдах даҕаны гыныахпын билбэппин. Сотору-сотору: «Тээтэбэр барыахха»,  диэн кулгаахпар сибигинэйэр. «Баахыла сиэхпин баҕардым»,  диэн ырбаахым тэллэҕиттэн тардыалыыр. Дьэ, эрэй Онтон биирдэ, сыллаан-сыллаан баран, кууһан олорон: «Тоойуом, сыллыай, Тоҥсуо, Дабыыты аҕа гынабыт дуо?»  диэн ыйыттым. Уонна ыйыппыппыттан кэмсинним ээ. Адьас быһа этэн кэбистэ. «Оттон кини оҕун да оҕун буолар дии, оннук охто сылдьар аҕаланыахпын баҕарбаппын!»  диир. Оо, онно хомойбуппуон Мэктиэтигэр, ытамньыйан ыллым. Оттон Тоҥсуо сүрэҕэ таас курдук буолан биэрбитэ, санаатын халбаҥнаппатаҕа

 Онтон туран, эһигини хоонньоһо сытаргытын быччаччы тутаттаан ылбыт сурахтааҕа дии?..  Эдьиий Даайа күлэ-күлэ ыйытта.  Дьэ, саатыы-кыбыстыы бөҕөтө буоллугут?

 Ээ, дьэ, этимэ, эдьиэй  Мотуруона кэмчиэрийдэ.

 Кэпсээ-кэпсээ, хотуой.

 Ол кэмҥэ сайылыкка бары биир дьиэҕэ олоробут. Үс хостооҕо. Соҕотох оронноохпун. Уолум атахтаһан утуйар. Онтон биирдэ түүн, хабаҕыран дуу, тыаһырҕаан дуу уһуктан, ороҥҥо үһүө буолан сытарбытын көрөр буоллаҕа  Мотуруона иҥин хаана кэйэн, иэдэһэ тэтэрэн кэллэ.  Кини утуйбутун кэннэ, сэргэ хостон Дабыыт үөмэн сыбдыйан кэлэр этэ буоллаҕа. Уонна сарсыарда эрдэ, уол уһуктуон иннинэ, барара. Дьэ, кини санаатыгар оччо сирэйэ-хараҕа суох, уодаһыннаах быһыыны-майгыны көрөн, уолбут ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбэт үһү дуо? Мэктиэтигэр, тиэргэҥҥэ сытар ыттарбыт ойон туран үрэн моргуспуттара. «Оо, дьонноор, бу көрүҥүтүүй! Охтор Дабыыт биһиги ороммутугар кэлэн сытар! Баҕайы! Бар мантан! Бар диибин!..»  диэн сарылыыр

Эдьиий Даайа айаҕын саба тутта-тутта күлэн ыгдаҥалыы олордо.

 Сайылык дьоно бүтүннүү ойон таҕыстылар?.. Көрбүт киһи баар ини!.. Һуу, быарым быстаары гынна дии, хотуой

 Оннук «саат-суут» кэнниттэн, хайыахпытый, Дабыыт биһикки сыһыаммытын хайыы үйэ кистии сатаабат даҕаны буоллахпыт дии

 Ол «саат-суут» суоҕа буоллар, эр-ойох буолбакка, үөмэ сылдьыа этигит. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэн, дьэ, маннык түбэлтэни этэн эрдэхтэрэ эбээт.

 Дьэ, этимэ, эдьиэй. Киһи эмиэ да кыбыстар, эмиэ да күлэр ээ  Мотуруона, ис-иһиттэн сырдаан, дьолунан сыдьаайа күллэ.

Эдьиий Даайа, кинини көрө-көрө, эмиэ мичилийэн ахан олордо. Онтон Мотуруона уоскуйбутун кэннэ олоҕуттан турда.

 Чэ, хотуой, олорон хааллым дии. Дьонум күүттэхтэрэ буолуо. Барыам этэ. Эн даҕаны киэһээ ыамыҥ бу кэлбит. Ынахтарыҥ маҥыраһан эрэллэр. Тоҥсуоҕа миигин сырытта, ыйыталаста диэн этээр.

 Сөп, эдьиэй. Эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэп- пин ээ.

Мотуруона ыалдьытын тиэргэн ааныгар диэри атаарда уонна тиэтэйэ-саарайа титиигэр барда.

* * *

1942 сыл, бэс ыйын бүтэһик күннэрэ. Дьокуускай. Даркылаах тиксиитэ.

Хомоҕой тыллаах эппитинии, сырылатан-сырбатан күн да күн. Элиэнэ эбэ уута күн уотугар дьирибинии оонньуур. Кытылга, тиксиини толорон, дьон бөҕөтө тоҕуоруспут. Ким эрэ ытыыр, ким эрэ хоҥнон баран эрэр «Киров» борохуот палубатыттан далбаатыыр дьоҥҥо хардаран утары далбаатыыр, тугу эрэ хаһыытыыр. Үрэр турбалаах уонна барабааннаах музыканнар уонча киһилээх бөлөхтөрө ханнык эрэ маршы оонньуур.

Оттон ойоҕолуу ыга анньыллыбыт хас даҕаны аалтан-баарсаттан баркаас хаптаһынынан оҥоһуллубут тыраап устун, кымырдаҕас курдук өрө-таҥнары тиэстэн, таһаҕас сүөкээннэр үлэ күөстүү оргуйар. Ол төкүнүтэн таһаарбыт буочукаларын, сүгэн аҕалбыт дьааһыктарын-куулларын эмиэ кэлэ-бара турар тэлиэгэлээх аттарга, таһаҕасчыт массыыналарга тиэйэллэр.

 Миитээ, Мииккэ-э, этэҥҥэ эргиллээр!.. Мин күүтүөм!..  тиксии кытыытыгар, сыыһа үктээн, ууга түһэн хаалыахтыы киирэн турар кыыс чаҕаархай хаһыыта ол тыас-уус, хаһыы-ытабыл, аймалҕан ортотугар бэрт чуордук быыһылаан иһилиннэ.

 Олус үчүгэй кыыс быһыылаах,  Баһылай, өрүс салгыныгар өрүкүйэр будьурхай баттаҕын тарбахтарынан өрүтэ анньан ыла-ыла, аттыгар далбаатыы турар доҕоругар эттэ.

 Тоҕо «быһыылаах»? Чахчы үчүгэй кыыс.

 Үчүгэй-үчүгэй,  Баһылай өс киирбэх сөбүлэһэ оҕуста.  Уонна кини эйигин булгуччу күүтүөҕэ. Оттон мин итинник атаарар, күүтэр кыыһым суох  тугу эрэ ситэ саҥарбакка ах баран хаалаат, харса суох далбаатанна, онтон эмиэ доҕорун диэки хайыста.  Миитэрэй, кырдьыгынан этэ эрэ, эһиги уураспыккыт дуо?

Миитэрэйэ, истибэтэх курдук туттан, кыыһыгар утары далбаатыы турда. Уостара ыпсыбат буола мичээрбит аҕай.

 Ээ, өйдөннө-өйдөннө! Уураспыт ахан эбиккит!  Баһылай тоҕоноҕунан кинини ойоҕоско кэйиэлээн ылла.  Оттон мин суох  кини да буоллар, курус санааҕа ылларан, соҥуйан, борохуот сундулуйа хайытарыттан түллэн тахсар долгуннар күн уотугар талбаара күлүмүрдүүр ньуурга симэлийэ уосталларын одууласта

Кытылга хаалбыт дьон кыччаатар кыччаан, Даркылаах харах далыттан сүттэр сүтэн истэ

 Төбөҕүн өрө көтөх, доҕоор, эн билигин кыайыылаах Кыһыл Аармыйа буойунаҕын эбээт!  Миитэрэй Баһылай саннын таптайда.  Мөтөгөр түөскэр мэтээл бөҕөтүн кэккэлэччи анньынан, сэрииттэн эргиллэн кэлиэҥ да, бииртэн биир кэрэ кыыс кэннигиттэн эккирэтэ сылдьыаҕа!

Баһылай, төбөтүн көтөҕөн, доҕоругар хайыста.

 Ээ, суох, Миитэрэй, мин санаарҕаабаппын. Туохтан даҕаны хомойбоппун ээ. Урут, хайдах эрэ, кыыс туһунан санаабат даҕаны эбиппин. Ону дьиктиргиибин. Оттон эн уол оҕото эбиккин! Эн бэйэҥ Кэбээйигин дии уонна куоракка хайдах кыыстанан хааллыҥ? Кини хомуйар пууҥҥа хонорбутугар эмиэ кэлэ сылдьыбыта дии?

 Кини, кини кэлэ сылдьыбыта,  Миитэрэй билсэр кыыһын санаан мичээрдээтэ.  Таанньа Мин Таанньам кэлэ сылдьыбыта. Кини Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Онно бибилэтиэкэҕэ үлэлиир.

 Ээ, куораттан чугас буоллаҕа

 Оннук. Биһиги кинилиин суруйсабыт ээ.

 Оттон хайдах билсибиккитий?

 Манна, Дьокуускайга. Мин кооперативнай техникуму бүтэрбитим дии. Онно билсибиппит. Кини культпросвекка үөрэммитэ. Онтон миигин төрөөбүт улууспар үлэҕэ анаан ыыппыттара.

 Миитэрэй, эн олус дьикти киһигин дии. Буҕаалтыргын. Өссө суруйааччы буолаары гынаҕын, хоһоон суруйаҕын  Баһылай кэтэҕин тарбанна.

Биирдэрэ чараас уоһун мүчүҥнэттэ.

 Миигин өссө отут түөрт сыллаахха дойдум дьоно артыал суотчутунан талбыттара. Ол кэмҥэ мин түөрт кылаас эрэ үөрэхтээҕим. Сэттэ кылааһы кэлин бүтэрбитим.

 Мин эмиэ уон икки сааспыттан дьоммун кытта холкуоска үлэлээн барбытым. Сайын. Аҥаар үлэ күнүгэр. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа дии. Ол да буоллар, миэхэ икки оҕуһу туттарбыттара. Олорбун сиэтэн, сир хорутарбыт, бурдук ыһарбыт. Ийэбин уонна Дабыыты кытта, бары холбоон, сылга тыһыынчаҕа тиийэр үлэ күнүгэр хамнас аахсарбыт. Уон түөрпэр хайыы үйэ аты ыҥыырдыы, көлүйэ үөрэммитим. Онон окко улахан киһи курдук үлэлээн барбытым. Мин чэрдээх илиибин көрөн, ийэм барахсан үөрээхтиир да этэ. Уола үлэһит буолбутуттан чахчы дьоллоноро.

 Ийэлэр барахсаттар оннук дьон буоллахтара-а,  Миитэрэй этиитин бүтүүтүгэр унаарыта саҥаран мичийбитигэр ыйааччы барбыт быһыылаах хойуу хара хаастара көтөр кынатыныы өрө даллах гынан ыллылар.  Эн, Баһылай, олус үчүгэйдик кэпсиигин, санааҕын сааһылаан этэҕин. Мин Сангаартан Даркылаахха диэри устан кэлэрбитигэр сэргээн ахан иһиттим. Дьокуускайга даҕаны, хомуйар пууҥҥа Өлөөнтөн кэлэр борохуоту күүтэн сыттахпытына, айаҕыҥ адьас хам буолбата дии,  Миитэрэй доҕорун диэки бэрт эйэҕэстик көрдө.

Ваша оценка очень важна

0
Шрифт
Фон

Помогите Вашим друзьям узнать о библиотеке

Популярные книги автора