Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Гуринов Афанасий Гаврильевич страница 7.

Шрифт
Фон

Чахчы, кинилэр иккиэн, тоҕо эрэ, бэркэ тапсан ирэ-хоро кэпсэтэллэр. Дьиҥэр, саастарынан да арыттаахтар.

Итиэннэ кэбээйилэр, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн хомуллан иһээччилэргэ холбоһон, Сангаарга икки баарса соһуулаах борохуокка олорон, икки сүүстэн тахса буолан устан кэлбиттэрэ, оттон билигин бу биэс сүүсчэ буолан взводтарга, оруоталарга тыырыллан ыга симиллэн айаннаан истэхтэрэ, инньэ гынан, кэпсэтиэххэ диэтэххэ кэпсэтэр, билсиэххэ диэтэххэ билсэр ыччат баар ахан. Ол эрэн, халлааҥҥа сулустар алтыһаллара туох эрэ кистэлэҥнээҕин, таабырыннааҕын курдук, киһи киһиэхэ чугаһыыра, истиҥ доҕор-атас буолара эмиэ туох эрэ ураты дьиктилээх быһыылаах.

 Бэйи эрэ, доҕоор, биһиги тоҕо да турдахпытый? Оол олорорго үчүгэй сир баар эбит. Онно барыахха,  Миитэрэй, сүгэһэрин санныгар быраҕынан, халтаҥ сонун тутан, борохуот ортотугар, капитан рубкатын иннинэн, дьааһыктар туралларын ыйда.  Манна үөһэ салгыҥҥа үчүгэй. Аллараа палубаҕа симсэн олорор курдук буолбатах.

Баһылай эмиэ сүгэһэрин ылан кэнниттэн батыста.

Өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит «айан аргыстаах, суол доҕордоох» диэн уос номоҕо баар. Чахчыта оннук, айаҥҥа-суолга сылдьан киһи киһини кытта ордук түргэнник бодоруһар. Бу аҕыйах хонукка Баһылай Миитэрэйи убайын курдук саныыр буолан хаалла. Дьиҥэр, хайалара даҕаны улуустарын дьонун кытта ордук тутуһуохтарын сөбө даҕаны

Кинилэр оннуларын булан, соннорун тэлгэнэн олордулар уонна кэпсэтиилэрин салҕаатылар.

 Мин оскуолаҕа туох баар үөрэхтэн ордук төрөөбүт суругу-бичиги сөбүлүүрүм. Этэргэ дылы, саҥаран баран кэлээр диэбит ыччаттара буоллаҕым. Оттон нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр кэлэммин ыыны-ааны араарбат баллыкы буолан хааларым

 Санаарҕаама, Баһылай, эн тылга дьоҕурдааххын. Нууччалыы эмээскэҕинэн кытта саҥаран бырдырҕатар-тырдырҕатар буолуоҕуҥ,  Миитэрэй күлэн симириктээтэ.  Оттон мин  кынтаччы туттан, халлаан диэки көрдө.  Сэрии кэнниттэн арамаан суруйуоҕум. Ол гынан баран, онтум сахалыы буолар дуу, нууччалыы буолар дуу, ону билиҥҥитэ билбэппин Чэ!  уҥа илиитинэн салгыны быһа курбуулаата.  Сахам тылынан даҕаны суруйдахпына, нууччалыы тылбаастаныаҕа. Оччоҕо ону эйэлээх олоххо дьулуһар, эйэлээх халлаан анныгар олоруон баҕарар бары сэбиэскэй дьон, ону ааһан, Сир шаарын бары омуктара ааҕыахтара!  эмискэ төлө биэрэн, араатардар курдук эрчимнээхтик, төлөннөөхтүк саҥарда уонна, онтуттан бэйэтэ соһуйбуттуу, уһун хара бэскитин уҥа илгистэн кэбиһээт, кэпсэтии хайысхатын уларытта.  Иһит эрэ, Баһылай, ити Дьокуускайга, хомуйар пууҥҥа, тоҕо хамыыһыйаны хос барбатаххыный? Эн хараҕыҥ мөлтөх эбит дии? Сэриигэ барбакка, дойдугар хаалыаххын сөбө

 Тугуй, эн хаалыаххын баҕараҕын дуо, Миитэрэй?  Баһылай ыйытыытыгар тимир-тамыр дорҕооннор иһилиннилэр.

 Эс, ол мин хараҕым мөлтөх үһү дуо?  доҕоро кини ыйыппыт уоҕуттан ымыттан даҕаны көрбөтө.  Чахчыта, олоххо эҥин-эҥин быһыы-майгы баар. Сорох куттанан, туох эрэ ньыманан-албаһынан боруонньа ыла сатыыр, оннооҕор соруйан илиилэрин-атахтарын эчэтинэр эбэтэр букатын даҕаны күрэнээччилэр, дэһэртиирдэр бааллар. Ол иһин дьиктиргээн ыйытабын.

 Ээ, ити мин соруйан үтэн-анньан, оонньоон ыйытабын, убайбын эрэнэбин бөҕөтө буоллаҕа,  Баһылай өрө күүрүүлээхтик саҥаран добдугуратта.  Быраастар сиитэлэрин бу даҕаны сырыыга мүччү түстүм эбээт!  астыммыттыы ытыстарын суураланна.  Мин сэрии саҕаланыаҕыттан боруоҥҥа бара сатыыбын. Сэрии саҕаламмытын биллэрэр кэмнэригэр Дьокуускайга артыыска үөрэнэ сылдьыбытым. Кэпсээбитим дии, умна оҕустуҥ дуо?

 Омунуҥ бөҕөтө,  Миитэрэй күллэ.  Тоҕо умнуохпунуй, доҕоор. Манна диэн эттэххэ, Таанньа эмиэ артыыс буолар ыра санаалаах.

 Оскуолаҕа миигин кытта үөрэммит оҕолор ким учуутал, ким быраас, ким байыаннай буолуохтарын баҕараллара. Оттон мин кыра кылаастартан артыыстары наһаа сөбүлүүрүм. Холкуос кулуубар биир да оонньууну, туруорууну көтүтээччим суох. Оонньуур дьон хас биирдии туттууларын-хаптыыларын, хамсаныыларын, тылларын айахпын аллаччы атан олорон бүтүннүү сүһэн, түһэрэн ыларым. Онон култуура учуулуссатыгар үөрэнэргэ санаммытым. Ийэм уонна Дабыыт мин баҕа санаабын толорорбор туох баар кыахтарынан көмөлөспүттэрэ. Сэттэ уон биэс солкуобайы хомуйан биэрбиттэрэ. Сүүрбэ биэстиилээх үс кумааҕы. Куоракка тиийэн ону-маны атыылаһарбар диэн. Арахсыыбыт, биллэн турар, харах уулаах этэ. Ийэм миигин икки сыл устата көрбөтүттэн олус санааргыыра. Миэхэ даҕаны наһаа ыарахана  Баһылай кэпсээнин тохтотон чуумпуран хаалла.

Миитэрэй даҕаны тугу да саҥарбакка, ыраахха көҕөрө тунаарар кытылы кыҥастаста.

 Ол гынан баран, артыыс буоларга тардыһыым оннооҕор күүстээҕэ,  Баһылай эмиэ кэпсээн барда.  Дьокуускай куорат миигин олус күүскэ сөхтөрбүтэ. Таас дьиэлэрэ бу улахаттара, элбэхтэрэ. Дьоно-ата, ыта-куһа Ньурбаттан төрүттээх аймахпыт дьахтарга түспүтүм. Кини кэргэнэ Хаабыһап хаайыыга эбит этэ. «Норуот өстөөҕө» диэн буруйдаабыттар. Көмүс үлэтигэр сылдьыбыт киһи. Мин кэлиэм иннинэ аҕай, милииссийэлэр тугу эрэ көрдөөн дьэҥдьийбиттэр, бүтүннүү түрбүйбүттэр. Инньэ гынан, дьиэлээх дьахтар олус куттанара, сэрэнэрэ. Хас биир тыас аайы ойон турара

 Оттон биһиги учууталбытын Дьөгүөр Уйбаанабыһы, Бииллээхэп бэйиэти, отут аҕыс сыллаахха «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттара. Чурапчыттан төрүттээх киһи биһиэхэ үлэлээбитэ. Доҕорум Бүөтүр биһикки учууталбытын үтүктэн, киниттэн үөрэнэн хоһоон суруйар идэлэнэн барбыппыт. Устунан хоһоон хоспохторо буолбуппут,  Миитэрэй, мүчүк гынан ылаат, тулатын чуҥнаммыттыы көрдө, онтон сибигинэйэ былаан эттэ.  Мин кинини «норуот өстөөҕө» диэбиттэрин итэҕэйбэппин ээ. Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» буолбатах. Туох эрэ улахан алҕас таҕыста. Хомуньууһум өстөөхтөрүн оҕуруктара, уодаһыннара оҕуста быһыылаах. Мин Ойуунускай элбэх хоһоонун өйбүттэн ааҕыахпын сөп. Оннооҕор «Былатыан ыйбыт суолунан» диэн хоһоон суруйан турардаахпын. Онтум Нам «Холкуос сирдьитэ» хаһыатыгар бэчээттэммитэ ээ.

 Оттон миигин кини «Өрүөл кэриэһэ» диэн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕарбын хайгыыллара. Билигин ааҕан иһитиннэриэм,  Баһылай киэмсийэ туттан ойон турда, сэҥийэтин көтөхтө, түөһүн мөтөттө, санныларын даратта.  Будулҕан һык  Миитэрэй кинини сиэҕиттэн тардыбытыгар умса бара сыста.

 Бэйи, эн тохтоо! Сэрэхтээх ээ,  убай доҕоро Баһылай кыыһырыахча буолбутугар тута быһаарда.  Кэлин ааҕаар. Хата, билигин бэйэҥ тускунан кэпсээ. Салгыы хайдах буолбутай?

 Куоракка киинэҕэ үлүһүйэн туран сылдьан барбытым. Сайын пааркаҕа көрдөрөөччүлэр дии. Онно киэһэ аайы кэриэтэ тиийэ турабын. «Чапаайап» диэн киинэҕэ иккитэ сылдьыбытым. Оттон «Бэсүөлүйэ эрэбээтэҕэ» үстэ,  Баһылай, ордук итэҕэтиилээх буоллун диэн дуу, тарбахтарын саратан көрдөрдө.  Туох даҕаны уубар-хаарбар киирэн, тугу барытын умнан туран көрөрүм.

 Ньыыкан Табунааһап курдук киинэ артыыһа буолуоҥ хаалбыт быһыылаах,  Миитэрэй быһа түстэ.  «Кэҥсик-муҥсук сыттардаах киһи» диэн ыллыаҥ этэ, һэ-һэ

 Ол кимий?  Баһылай дьиктиргээтэ.

 «Аэроград» диэн киинэҕэ уһуллубут саха киһитэ, артыыс. Сураҕа, Олоохуна Кыыллааҕа үһү. Москубаҕа үөрэммит.

 Тыый, Москубаҕа?! Хаарыан киинэни көрө илик эбиппин. Сахалар тустарынан дуо?

 Чукчалар тустарынан. Ол гынан баран, чукча уолун оонньуур Табунааһап хантан кинилэр ырыаларын билиэй? Ол иһин, дьэ, «кэҥсик-муҥсук» диэн ыллыыр,  Миитэрэй ис-иһиттэн тартаран күллэ.

Оттон Баһылай сөхпүтэ бэрдиттэн күлбэтэ даҕаны, онтон:

 Хайдах оннук буолуоҕай?..  диэн бэркиһээбиттии ботугураата.  Убайым оҕонньор, тугу эрэ халытаҕын быһыылаах

Ваша оценка очень важна

0
Шрифт
Фон

Помогите Вашим друзьям узнать о библиотеке

Популярные книги автора