Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Гуринов Афанасий Гаврильевич страница 8.

Шрифт
Фон

 Кырдьык-кырдьык,  Миитэрэй кэтэҕин тарбана олорор доҕорун көрөн мүчүҥнээтэ.  Чэ, эн онтон санаарҕаама. Кэпсээҥҥин ситэр. Аралдьыйа тураҕын дии

 Бэйэҥ аралдьытаҕын буолбат дуо?  Баһылай өһүргэнэн өрөһөлөммүтэ, охсуоламмыта буолла, онтон дьоһумсуйда.  Чэ, иһит. Онтон биирдэ, өрбөххө кичэйэн ахан суулаан, сиэппэр укта сылдьар харчыбын бүтүннүү уордардым. Дьэ, ыраастык ылбыттара. Инньэ гынан, били саҥа таҥас, тэтэрээт, кинигэ ыларым барыта хаалаахтаатаҕа дии Үҥсэн туһа суох. Аһыннарар-атаахтыыр кимим да эмиэ суох. Онон онно-манна быстах-остох үлэлииргэ күһэллибитим. Сотору куорат олоҕор, үөрэхпэр сыстан барбытым. Нууччам тыла эрэ атахтыыра. Дьэ, эрэй диэтэҕиҥ!  быһыта чыпчырынан кэбистэ.  Сайыҥҥы сынньалаҥҥа дьиэбэр, дьоммор барбатаҕым. Бэйэҥ билэҕин, Бүлүүгэ диэри сэттэ сүүс биэрэстэни атынан барыахха диэтэххэ абытай ээ. Оттон борохуокка  харчы. Аны төннөрүм баар  Баһылай, саллыбыттыы, баһын быһа илгиһиннэ.  Эн син биир Алын Бүлүү киһитэ буоллаҕыҥ, билэҕин буоллаҕа.

 Билээн-билэн. Өрүһүнэн даҕаны айан бэрт уустук. Оннооҕор биһиги Сангаарбытыгар тиийэр ыарахан. Бүлүү устун дьону таһар биир эрэ борохуот сылдьар дии. «Пропагандист» диэн ааттаах. Иллэрээ сыллаахха, сэрии иннинэ, кыайан билиэккэ тиксибэккэ хааллыбыт. Онон, бэһиэ буолан, биир дойдулаах устудьуоннар, дьон сүбэлээн, кыттыһаммыт кунгаас атыыласпыппыт. Үс мөһөөх алта уон солкуобайга. Биэс киһини холкутук уйар, куормалаах улахан оҥочо. Уонна соннук эрдинэн Сангаарга тиийбиппит. Эдэр, эрчимнээх буоллахпыт. «Эбэбит эйгэтэ, сири-дойдуну, айылҕаны көрүөхпүт, уу, салгын!»  дэспиппит баара. Ол да буоллар, сүүрүк хоту буолан эрэ санаммыппыт. Аны туран, омуммутугар, ыксалбытыгар буолан, үтэбитин даҕаны үчүгэйдик тэриммэтэхпит. Аара Кыраап Биэрэгэр тиксэн, Намҥа тахсан килиэп, аһылык булуохпут дэспиппит баара. Бастаан дохсуммут дьикти  эрдиилэрбитин кынат курдук даллатан, сүүрүктээх ууну көҥү охсон кэбистэхпитинэ, алтан солуур иһин курдук чөҥөрүйэн, кэннибитигэр хаалан иһэр. Санаабытыгар, оҥочобут иннин диэки кынаттаах курдук өрө дайар. Кытыл ото-маһа биир кэм элэҥнэс. Эбэбит «эһиги кэлэр кэскилгит мин курдук киэҥ-куоҥ, уһун үйэлээх буоллун!» диэххэ айылаах нэлэһийэн арылыннар арыллан иһэр. Күөх сыта, уу сөрүүн салгына сүрэххэ-быарга сайа охсон киирэр, күүс-уох эбэргэ дылы. Оннук өрүс хаҥас өттүгэр үтэн киирбит тумул көһүннэҕин аайы: «Оо, Кыраап Биэрэгэ!»  дии-диибит түллэ-түллэ тардан биэрэн истибит. Оттон Кырааппыт Биэрэгэ кэллэр кэлэн биэрбэтэ, атынтан атын арыылар, туспа тумуллар буолан истилэр. Түүҥҥү сөрүүн түһэн истэҕин аайы, көтөр-сүүрэр саҥата чуумпуран, биһиги көрдөөх-нардаах кэпсэтиибит, мөккүөрбүт эмиэ мөлтөөтөр мөлтөөн, аҥаардас эрдиилэр эрэ тыастара тилиргиир буолан барда. Солбуйсар кэммит быыһыгар утуйа-утуйабыт, эртэр эрдэн, ырааттар ыраатан бардыбыт Дьэ, айанньыттар эбиппит ээ  Миитэрэй кэлэйбиттии саҥарар.  Кытаанах айан этэ, доҕоор. Кырааппыт Биэрэгин ааһа түһэн хаалбыт этибит. Туруйа Оппуоһа диэн сиргэ, биһиги дьолбутугар, Баһыкка диэн оҕонньор сайылаан олороругар түбэһэммит, кини аһатан, үтэлээн, сүбэлээн, ыйан-кэрдэн Сангаарбытын булбуппут. Итигэннэ айылҕа барахсан туран биэрбитэ. Силлиэҕэ, балхааҥҥа түбэспэтэхпит Бээ, бу мин тимэҕим туох ааттаах төлө барда, ээ?  Миитэрэй эмискэ, сытыы хараҕынан Баһылайын тоһоҕо курдук тобулута көрөөт, бэйэтэ бэйэтиттэн көрдөөхтүк ыйытта.  Айаҕым хам буолбакка арамааным биир бэлэм түһүмэҕин ыһа-тоҕо кэпсээн кэбистим дии. Ол омуммар атын бэрт кэрэхсэбиллээх түһүмэҕин мүччү тутаары гынным. Оо, дьэ, халлаан киһибин!  күлэн кыччыгынаата.  Чэ, эн кэпсээ-кэпсээ, туохха эмэ быһа түһэ олордомуй, арамаана суох хаалаары,  диэн эбэн биэрдэ, чараас уоһун сэгэтэн, эйэҕэстик мичээрэн, «чэ, саҕалаа, мин сэҥээрэн истэргэ бэлэммин» диэбиттии тутунна.

Оттон Баһылай Миитэрэй кэпсиирин наһаа сөбүлээн истэр. Тыла ууһун-уранын, лоп бааччытын, кэпсиирэ-сэһэргиирэ утумнааҕын-ситимнээҕин, бииртэн биирэ сиэтиллэн тахсан иһэрин сөбүлүүр. Аны туран, билэрэ-көрөрө киэҥэ, элбэҕэ сөхтөрөр. Онтунан киэбирбэт, судургу. Аҕа саастаахпын да диэн убайымсыйбакка, аатырбакка сэһэргиир. Бу даҕаны сырыыга оҥочонон хайдах айаннаабыттарын туһунан кэпсиирин Баһылай истэ олоруох эбит. Кини бу Элиэнэ курдук улуу эбэҕэ оннук эрдиилээх мас тыынан айаҥҥа туруоҕун өйө соччо-бачча хоппот Баҕардар, ыччаттары кытта кучуһан уонна дойдутугар-дьонугар тардыстан, ол күүһүгэр уйдаран сананыах эбитэ дуу?..

Баһылай аргыый аҕай көхсүн этиттэ. Онтон Миитэрэйин диэки көрдө.

 Сэрии саҕаламмыт күнүн бүгүн курдук өйдүүбүн Өрөбүл буолан, бэрт үчүгэйдик налыччы утуйан турбутум. Килиэп арыыланан, халыҥ соҕустук сыбанан, олус минньигэстик аһаабытым. Хайдах эрэ чуумпу баҕайыта. Бары ханна эрэ барбыттар этэ. Туран, маанымсыйан, маҥан ырбаахыланан-хайаан, устунан пааркаҕа тиийэр санаалаах, куорат устун дьаарбайа барбытым. Куорат эмиэ тоҕо эрэ иһийэн хаалбыт курдуга. Наркамаат дьиэтин таһыгар саҥа улахан кыһыл былакаат ыйаммыт этэ. Ааҕарын аахпытым эрээри, суолтатын соччо өйдөөбөтөҕүм. Кыһалҕата суох киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Ардьаникиидсэ уулустатыгар баар, олордуу сибэккилээх, үс муннуктуҥу быһыылаах майдааҥҥа тиийбитим, дьон тоҕуоруһан, үөһэ баҕанаҕа ыйаммыт араадьыйа диэки хантайан иһиллээн ахан тураллара. «Сэрии турбут! Ньиэмэс басыыстара саба түспүттэр. Муолатап биллэрдэ»,  диэбиттэрэ. Онно били былакааппар суруллубут тыллар суолталарын өйдөөн кэлбитим: «Симиэрт  басыыстам!» диэн этэ. Дьон бары санааҕа баттатан саҥарар-кэпсэтэр киһи диэн суоҕа Бары даҕаны ханна баран испиттэрин умнан кэбиспит курдуктара

 Оннук, ол күн барытын тосту уларыппыта. Мин онно дойдубар Кэбээйигэ этим. Күлбүт-үөрбүт сирэйдээх, мичээрдээбит, чаҕылыйбыт харахтаах киһи диэн биирдэ суох буолан хаалбыта Сэрии!..

 Сэрии!..  Баһылай үтүктээйи курдук хатылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла быһыылаах.  Куоракка сонно тута хаартачыканы туттууну киллэрбиттэрэ. Хаартачыката суох тугу даҕаны ылар кыаҕыҥ суох. Ордук ас-үөл кырыымчык буолбута. Истипиэндьийэбит бүтүннүү кэриэтэ оборуона буондатыгар барара. Ол эрээри ытанар, үҥсэргиир ыччат суоҕа. Мин курдук тыаттан кэлбит устудьуон куоракка айаҕын булунара кыаллыбат буолбута. Өскөтүн урукку өттүгэр дьоҥҥо мас хайытан, уу таһан харчылаһар эбит буоллахпытына, билигин биһигини көмөлөһүннэрээччи суоҕа. Туохтарынан төлөһүөхтэрэй? Бары аас-туор олоххо олорон?..

 Мин онно, истээт даҕаны, Кэбээйигэ киирэн байаҥкамаакка тиийбитим. Ылбатахтара.

 Биһиги эмиэ боруоҥҥа дьулуспуппут. Бэс ыйын сүүрбэ биэс күнүгэр хайыы үйэ байаҥкамаакка тиийбиппит, бэйэбит тылланан, добурабуолас буолан. Мин ол кэмҥэ уон аҕыспын туола иликпин, онон, чыпчылыйбакка даҕаны, «сүүрбэ икки сыллаах төрүөхпүн» диэбитим. Итэҕэйбэтэхтэрэ. Барыта дьыалабар сурулла сырыттаҕа дии. Эбиитин быраастар, ол иннинэ кумахылаабыппын билэннэр, букатын киэр кыйдаабыттара. Добурабуолустаан бүттэҕим ол  Баһылай өрө тыынан ылла.  Онно «үрүҥ билиэт» туттарбыттарыгар букатын кимҥэ даҕаны, туохха даҕаны туһата суохтуу сананан муҥурданыыга киирбитим Оттон куорат олоҕо күн-түүн ыараан иһэрэ. Үлэ үс солбугунан барар буолбута. Ону биллэрэн, ыстаансыйа лакаматыыба үстэ чускуйара: сарсыарда аҕыс чааска, онтон түөртүүргэ уонна түүн ортотугар. Куоракка хааллым даҕаны, аччыктаан өлүөхтээхпин дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Онон күһүөрү, айанньыттар обуостара барарын истэн, көрдөһүү бөҕөтүн көрдөһөн, дойдубар барсыбытым. Сэттэ уон көһү туос сатыы хаампытым  бырыыны-бадарааны мэһийэн, сииги-силбиги тэпсэн, маардары-үрэхтэри туораан-кэһэн, айанньыттар тугу бэрсибиттэринэн үссэнэн. Түүнүн токуйуохпунан токуйан, кумуйуохпунан кумуйан тоҥон ибигирии сытан утуйарбар ийэбин уонна Дабыыты саныырым. Түргэнник тиийэ охсон кинилэри кууһарбын санаатахпына, сүрэҕим быһыта туппахтыыра. Оннук сытан, эстибитим бэрдиттэн, син утуйан хааларым Эрэй-муҥ бөҕөтүн көрөн, ыйтан ордук кэм устатыгар айаннаан, дойдубар тиийбитим

Ийэлэриэм, мин кэллим!..
читать Ийэлэриэм, мин кэллим!..
Гуринов Афанасий Гаврильевич
Уусуран сэһэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа В.Д. Иванов (1923—2011) ахтыытыгар олоҕуран сурулунна. Василий Давыдович Бүлүү улууһун Чочутугар төрөөбүт. Олус дьикти олоҕу олорбут киһи. Оҕо сааһыгар хаста да өлө сыспыт. Икки ийэлээх: төрөппүт уонна иитиллибит. Хас даҕаны аҕалаах. Г.И. Чиряевы кыт

Ваша оценка очень важна

0
Шрифт
Фон

Помогите Вашим друзьям узнать о библиотеке

Популярные книги автора